Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үҥсээхтээ

үҥүс диэнтэн атаах. Дьиэтигэр кэлэн, халыҥ хаххатыгар, суон дурдатыгар ийэтигэр үҥсээхтээбитэ. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

дурда

дурда (Якутский → Якутский)

аат.
1. эргэр. Туохтан эмэ көмүскэнэр, саһар хахха. Укрытие от кого-чего-л.. Дурда сир
2. Сааһыт куска олорор хаххата (киһи олороругар эрэ сөптөөх намыһах). Укрытие, засада (напр., шалаш из веток) охотника на уток
Онно дурда дуома тута охсон кэбиһиэххэ. Амма Аччыгыйа
Дурдаҕа олорон баран, иһийэрбин кытта тула өттүм тиллэ түстэ. Далан
Күөл тула хойуу дурда кэчигирээн, мончуук кырылаан көстөр. Н. Заболоцкай
<Халыҥ хахха,> суон дурда буол көр халыҥ
Дьиэтигэр кэлэн халыҥ хаххатыгар, суон дурдатыгар - ийэтигэр үҥсээхтээбитэ. Амма Аччыгыйа
Дурда эргитиитэ - сахаларга былыр остуол оонньуутун көрүҥэ. Старинная якутская настольная игра
Микиитэлээх эмээхсин [Даарыйа] хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр. Амма Аччыгыйа
Оҕо аймах хабылык, тыксаан, дурда эргитиитэ диэннэри оонньуур. ЧМА ЭТНББ

суон

суон (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Туоратын төгүрүччү мээрэйинэн улахан. Толстый. Суон тиит. Суон быа. Суон киһи
Сорох мастар суоннара сүүрбэ миэтэрэҕэ тиийэр эбит. Суорун Омоллоон
Биирдэрэ намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, иккиһэ өссө намыһах уонна суон. Н. Заболоцкай
Нина ийэтэ суон, бөкүнүк үрүҥ илиитинэн сүүһүттэн көлөһүнүн сотунна. Н. Габышев
2. көсп., кэпс. Намыһах, сөҥ (куолас). Низкий, густой (о голосе)
Хатанхабараан саҥата Хайыта ыстанан барда, Суостаах суон модун саҥата Дэлбэриттэн барда. П. Ойуунускай
«Тохтоо, тохтоо!» — Никита ааны сабасаба суон куолаһынан көбдьүөрдэ. Н. Лугинов
Суон күөмэйинэн дьону ыҥыран көөҕүнээтэ. С. Никифоров
3. көсп., эргэр. Сүдү, сүҥкэн, улахан. Огромный, значительный
Суох, доҕоор, Суруксут суон суолталаах, Баарысуоҕу баһыйар. А. Софронов
Уолуо суох уһун уйгу, Суоллуо суох суон соргу — Өҥ-тот бөҕө үөскээбит, Өрөгөй бөҕө үрдээбит. Болот Боотур
Уутуттан уһуктан, Суон ойуур суугунуур. Эллэй
Мусуой суон сураҕа ыраахтан-чугастан араас идэлээхтэри тардар. «ХС». Утары суолт. синньигэс
Суон дурда, <халыҥ хахха> буол көр халыҥ
Эһиги суон дурда буолаҥҥыт, Ийэ сири дьолго тиэрпиккит. Күннүк Уурастыырап
Дьиэтигэр кэлэн халыҥ хаххатыгар, суон дурдатыгар — ийэтигэр үҥсээхтээбитэ. Амма Аччыгыйа
Доҕорум туһугар, Доҕорум дьолугар Суон дурда буолуоҕум, Олохпун туоруоҕум. Л. Попов
Суон сураҕыр көр сураҕыр. Хаҥалас улууһугар чугаһынан суох үрдүк дабааҥҥа турар суон сураҕырбыт дьаам — Ат Дабаан баар. Дьүөгэ Ааныстыырап
(Ким, туох эмэ) моонньо суон кэпс., көр моой. Ордук идэ оҥостооччу, Оннук киһи манна суох. Баар да буоллун, от охсооччу Тулуйуоҕа — моонньо суон. С. Тимофеев
Аҕам, ийэм кырыйдылар, уһуннук олорботторо буолуо. Сүөһүлэрэ-баайдара, атын хаалынньаҥнара суох, барыта мин суон моонньубар хаалар. «ХС»
Суон сааллаахтар (моойдоохтор, истээхтэр, буруолаахтар) эргэр. — баайдар диэн хомуур суолтаҕа абааһы көрөн этии. Собирательное название всех богатых с оттенком неприязни (букв. имеющие толстый загривок (шею, пузо, дым из трубы))
[Дьэллиикэп Дьэкиим:] Бу биһиги, кыра, кыаммат-тиийиммэт дьоннор, араас тардыыны дууса баһынан араас баайдары, …… суон сааллаахтары кытта тэбис-тэҥҥэ төлүүр этибит. П. Ойуунускай
Үрдүк өһүөлээхтэринэн, суон буруолаахтарынан сылдьыаххын? Амма Аччыгыйа
Суон истээх тойоҥҥо Сордонуом кэриэтэ, Өлөрсөн, охсуһан Өлүөхпүн саныыбын. П. Тобуруокап
Онно [эргиэҥҥэ] кылаабынайдара Дьокуускай суон моойдоро Никифоровтар, Кушнарёвтар, Санниковтар эбиттэр. П. Егоров. ДТС йоҕан, йоҕун, тат. юан, алт. дьоон, уйг. йоҕан