Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үҥүн

туохт. Күүскэ ыгыһын, түлүн (хол., төрүүр сүөһү, дьахтар туһунан). Тужиться (напр., о роженице)
Сабыйа Баай хотун Дьиэрэҥ кураҕаччы курдук Дьиэрийэ түһэн баран Үөгүлээбитинэн Үҥнэрин аҕай кытта Уол оҕо мүччү ойон тахсан, Татынньахтаабытынан барда. П. Ойуунускай
Клара туох баар күүһүн түмэн, этинсиинин күүрдэн, ыгылла-ыгылла үҥнэн барда. Тумарча
Ньирэй икки илин атаҕын үрдүгэр төбөтүн ууран иһэр түбэлтэтигэр ынах кэмиттэн кэмигэр үҥнэр буоллаҕына, бэйэтэ этэҥҥэ төрүүрүн көһүтэллэр. МСИ ССНьЫаУО


Еще переводы:

үнүн

үнүн (Якутский → Якутский)

көр үҥүн
Кыыс Толомон Ньургустай үс төгүл саҥа аллайан баран, мүлчү үннэн кэбиспитигэр, саннын байаатыгар диэри куударалаах астаах уол оҕо кэлэн, лиһигир гына түстэ. ПЭК ОНЛЯ III
Уойбут тыһы төрүүрүгэр мөлтөхтүк үннэр. ТИиС