Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үүчээн

көр үүтээн
Булуоҥ хаарбах үүчээҥҥэ Тутайбыккын барытын, Уонна салгыаҥ этэҥҥэ Уһун суолгун, айаҥҥын. С. Данилов
Дьэ ол курдук сайын тиийэн, биир сиргэ тохтоон үүчээн тутарга санаммыт. Н. Заболоцкай
Микииһэ уонна Хабырылла-Сүөдэркэ биир үүчээҥҥэ тиийдилэр. Н. Павлов


Еще переводы:

үрүттээ

үрүттээ (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ (хол., дьиэ үрдүн) сап (мастары, хаптаһыннары тэлгэтэн). Крыть, накрывать потолок
Толоонун хаба ортотугар, суол кытыытыгар, сүрдээх силистээх улахан баараҕай тиит баар эбит. Ол тиит төрдүгэр Кээрэкээн, умуһах хаһан баран, ытыыстаабыт, үрүттээбит. Саха ост. I
Килиин сүгэбинэн кэрдэн кибиргэтэн, Соҕох сүгэбинэн суоран молуойдатан, Хоспох сыыһын ходьоҕоччуттаҕым. Үүчээн сыыһын үрүттээтэҕим. С. Васильев

кэбилээ

кэбилээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Сиэргэ баппаттык, дьулааннык, кыыллыы быһыыланан кими эмэ кырбаа, өлөр. Обойтись с кем-л. крайне жестоко, бесчеловечно, по-зверски (избить, убить)
[Дьуур:] Доҕорум ооккотун ким эрэ бу айылаах кэбилээтэ буолла? Суорун Омоллоон
Миигин, туох да буруйа суох киһини, сорбун сордоон, муҥмун муҥнаан, бу айылаах кэбилээтилэр. Н. Якутскай
Толоннор эрэйдээхтэр эһиннилэр ээ, эһиннилэр. Доҕордукуну ол кэбилээн өлөрдөхтөрө. Эрилик Эристиин
2. Олус куһаҕан турукка тиэрт; ынырык, дьаабы көрүҥнээ. Привести в негодность (что-л.); обезобразить, изуродовать, довести до ужасного состояния (кого-что-л.)
Үүчээн үчүгэй эбит, сэнэх. Ону былырыыҥҥы дьон олус кэбилээбиттэр. Далан. Мин билигин Бүлүү хотуну Өҥөйөн туран уйадыйдым: «Эбэбин олус да кэбилээбиттэр», — диэн ботугураат хараҕым уутун туора соттубуппун Бэйэм да билбэккэ хааллым… И. Гоголев
Өстөөх куораты олус да кэбилээбит. Биир да чөллөөх дьиэ, олбуор ордубатах. НТГ СУоС