үөгүлэс диэнтэн хай
аата. Ыһыы-хаһыы, үөгүлэһии суох. Н. Лугинов
Тордоҕун таһыгар киһи бөҕөтө үмүөрүспүт, ньамалаһыы, үөгүлэһии быыһыттан ытыыр саҥаны кини тута арааран иһиттэ-истээт, эмискэ кубарыс гыммыт. С. Курилов (тылб.)
Якутский → Якутский
үөгүлэһии
үөгүлэс
үөгүлээ диэнтэн холб. туһ. Бары үөгүлэспитинэн [уолу] үөрбэнэн сыыһа-халты анньан хаалаллар
Саха фольк. Үйэттэн үйэ тухары Үрдүк сурахтаммыт, Үөтүллүбүт үс биис уустара Үҥүүнэн-үөрбэнэн өтөрүтэ түсүһэннэр, Үөгүлэһэ-үөгүлэһэ үөлсэ оонньооннор …… Аан алдьархай буолла. П. Ойуунускай
Ыһыах дьоно бары үөрэ түстүлэр: «Уруй! Уруй!» — диэн үөгүлэстилэр. И. Гоголев
үөгүлээ
туохт.
1. Улаханнык, тоҕо баран хаһыытаа. ☉ Громко кричать, вопить
«Хааннаах ыт!» — Байбал утары үөгүлүү түһэр. Амма Аччыгыйа
Тыаҕа чыс чыыбырҕаата, ыраах кулгаахтаах үөгүлээтэ. Далан
«Кэлиҥ! Ханна бардыгыт?!» — диэн үөгүлээтим. Т. Сметанин
2. Улахан дорҕоонноох тыаһы таһааран сигналла биэр (хол., борохуот гудогун этэргэ). ☉ Дать звуковой сигнал гудком, сиреной и т. п. Борохуот аал …… Үс төгүл төхтүрүйэн, Үлүгэрдээх баҕадьытык Үллэн туран, Үллэ-үллэ үөгүлээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Күн ортото биир ааһыыта «Генерал Синельников» [борохуот] икки төгүл үөгүлээн бытарытар. Н. Якутскай
Сэттэ чааска, улуһан, Сириэнэ үөгүлээтэ. Күннүк Уурастыырап
Якутский → Русский
үөгүлэс=
совм.-взаимн. от үөгүлээ =; ыҥырсан үөгүлэстилэр они перекликались.
үөгүлээ=
кричать, вопить; кутталыттан үөгүлээтэ он завопил от страха; үөгүлээн ыл = позвать кого-л. криком, крикнуть кому-л. подзывая.
Еще переводы: