Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөм-чүөм

көр үөмэр-чүөмэр
Айыыһыты өһүргэтимээри дьахталлар сибигинэһэн кэпсэтэллэр, үөмэрдии үөм-чүөм үктээн хаамаллар. И. Гоголев
[Оҕонньор] оргууй аҕай, сэрэниин-сэрэнэн үөм-чүөм үктэнэн, болкуон хоһу өҥөйөн көрдө. Н. Лугинов
Чинэччи соҕус туттан, үөм-чүөм үктэнэн саалаҕа киирэн кэллэ. В. Ойуурускай


Еще переводы:

уобуллаҕастан

уобуллаҕастан (Якутский → Якутский)

туохт. Уобуллаҕастаах буол. Иметь ямку, углубление, впадину
Үөм-чүөм үктэнэн, ортотун диэкинэн элэйэн уобуллаҕастаммыт кирилиэһинэн иккис мэндиэмэҥҥэ ытынна. «ХС»

чомчооруҥнаа

чомчооруҥнаа (Якутский → Якутский)

чомчооруй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Оҕонньор] үөмэн эрэрдии үөм-чүөм үктэнэн, хаһан да өлүө суохтуу чомчооруҥнуур. Н. Лугинов

чөмчөөрүҥнээ

чөмчөөрүҥнээ (Якутский → Якутский)

чөмчөөрүй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Сэмэн оҕонньор] үөмэн эрэрдии, үөм-чүөм үктэнэн, хаһан да өлүө суохтуу чөмчөөрүҥнүүр. Н. Лугинов

оҕунуохтан

оҕунуохтан (Якутский → Якутский)

оҕунуохтаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Алгыма арыы кутуталыыр, онон дьахталлар сирэйдэрин моччооруччу оҕунуохтаналлар. Суорун Омоллоон
Мин ийэм Кээчэ, сүөгэйинэн оҕунуохтаммыт чөрү-чөмчөҕөр төбөлөөх саары этэрбэһинэн үөм-чүөм үктэнэ сылдьара бу баар. И. Гоголев
Арыынан оҕунуохтаммыт симиир иһиттэри кымыһынан толороллор. К. Уткин

үктэн

үктэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Атахтаргынан сиргэ тирэн, тирэнэн тур. Наступать на землю, ступать по чему-л.
Атах тыаһа ыараханнык үктэнэн, хостон таҕыста. Амма Аччыгыйа
Силиппиэн сөрүүн буор муостаҕа үктэннэ. Софр. Данилов
Оргууй аҕай, сэрэниин-сэрэнэн, үөм-чүөм үктэнэн, болкуон хоһу өҥөйөн көрдө. Н. Лугинов
2. Ханнык эмэ кэмҥэ тиий, тиийэ олор; хайа эрэ сааскын туолар кэмҥэр тиий, төһө эрэ саастаах буол. Дожить до какого-л. момента времени; достигнуть какого-л. возраста
Дьыл оройугар үктэннибит, аны кыһыммыт тобоҕун этэҥҥэ туоруур инибит. Ойуку
Дора Иннокентьевна икки тыһыынча биир сылга үктэнэн баран, олунньу ыйга Аляскаҕа баран кэллэ. ПНИ ЭД
Саамай оһоҕос түгэҕинээҕи Коля биэһигэр үктэннэ. «ХС»
3
үктээ 5 диэн курдук. Бука, улахан булт — эһэ, тайах да баара буолуо, Лааһар биһиги угаайыбытыгар үктэнэр. Далан
[Бэдэр] бэйэтэ да үөскээбит, ыырдаммыт сиригэр чааркааҥҥа үктэнимтиэ кыыл. «Чолбон»
4. Ханна эмэ тиий, сырыт. Бывать где-л.; добираться до какой-л. местности
Уол этэҥҥэ кытылга үктэммитэ. Далан
Өлөксөй бачча кэлэн баран өтөҕөр үктэнэр санааланар. У. Нуолур
Амма оройуонун биир уһук нэһилиэгэр — Алтаҥҥа — бөлүүн түүн үөһэ үктэммитим. С. Федотов
5. көсп. Ханнык эмэ суолу тутус, олоҕуҥ суолун оҥоһун. Встать, ступить на какой-л. путь (жизненный)
Кини өйө-санаата уһуктан, охсуһуу суолугар үктэнэн испитэ. В. Протодьяконов
Олох уустук аартыгар үктэнэн эрдэҕэ. У. Ойуур
Эн билигин биир суолу чуолкай өйдүөхтээххин. Ол киһи куһаҕан суолга үктэнэрэ түргэнин, көнөрө ыараханын. И. Семёнов
Атаҕын төбөтүнэн үктэнэн көр атах
Маайа …… атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, чөмөйөн хааман баран, соҕуруокка быыһынан ыйдаҥардан көрдө. Эрилик Эристиин
Еремеев атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, ааҥҥа тиийэн иһиллээтэ. М. Доҕордуурап
Күөххэ үктэннэ көр күөх I
Күөххэ үктэннэххэ, дьэ, дьыл таҕыстыбыт диэн өрө тыыналлар, сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Күн Дьирибинэ
«Аҕыйах хонугу тулуйдарбыт, күөххэ үктэниэ, көҥүлгэ көтүө этибит», — дии саныыллар. И. Федосеев