Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөрэтэлээ

үөрэт диэнтэн төхт
көрүҥ. Ханна эрэ суор оҕотун үөрэтэлээн: «Дьэ, сор буолла!» — диэх курдук кыладыйан хаһыытыыра иһиллэр. Эрилик Эристиин
[Ойуурап:] Онно-манна барыым да, туой кэһии күүтэллэр. [Татьяна Ивановна:] Үөрэтэлээн кээстэҕиҥ дии. С. Ефремов


Еще переводы:

сылыттар

сылыттар (Якутский → Якутский)

сылыт диэнтэн дьаһ
туһ. Мин ыарытыгаммын, эһигини сылабаары сылыттарарга, дьиэни илбийэргэ, иһити-хомуоһу сууйарга үөрэтэлиэм, онон эһиги үлэни үлэлиэххит! Эрилик Эристиин

эрэй

эрэй (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Туох эмэ өҥөҥ иһин харданы (манньаны) көһүт. Возлагать надежду на что-л., рассчитывать, надеяться получить какое-л. вознаграждение за свои услуги
Кинилэргэ мин олохпор босхо, харда-манньа эрэйбэккэ утары ууммут өҥөлөрүн иһин, махтал тылларын иһиллэр гына этиэхпин баҕарабын. В. Титов
Өҥөҥ иһин харданы көрдөөн ыл. Требовать вознаграждения за услугу (обычно натурой)
Биир лоскуй кумааҕыга сүүрбэччэ тыллаах көрдөһүү суругу суруйдахтарына үөрэхтээхтэр хастыы эмэ муунтанан эти, арыыны эрэйэллэрэ. Н. Габышев
[Ойуун:] Табаларга биир элэмэс ыҥаах баар, ону биэрдэххэ сөп буолуо. Онтон ордугу тугу эрэйиэмий. Н. Тарабукин (тылб.)
2. Олохтон, дьонтон куруук эҥкилэ суох үтүөнү эрэ көһүт. Ждать от жизни только лишь добро
Эҥкилэ суох эргиччи үчүгэйи эрэйэн, соҕотох сылдьааччы кыыс да, уол да элбэх. А-ИНА ДьБО
3. Улахан кыһамньыны, болҕомтону, түбүгүрүүнү модьуй, күһэй. Требовать больших душевных и физических затрат от кого-л. (напр., о деле)
Тутуу күннэтэ улахан болҕомтону, үчүгэй тэрээһини эрэйэр дьыала. БГП-Дь ТСК. Норуотум, эн улуу тутуугар Миигиттэн тугу эрэйдиҥ? П. Тулааһынап
Биһиги киһини төһө ытыктыыбыт да, соччонон киниттэн элбэҕи эрэйэбит. Дьиэ к. Сэрии түргэн быһаарыыны, сыыдам хамсааһыны, быһаччы туттууну эрэйэрэ үгүс этэ. Н. Якутскай
Оҕустан үүтү эрэйбиккэ дылы — кыаллыбат суолу көрдөө. соотв. как от козла молока.
ср. монг. эрэх, бур. эрихэ ‘просить’, алт. эре ‘настаивать, неотступно просить’, тув. эрэ ‘выклянчить; получить на что-л. надежду’
II
аат.
1. Олоххо улахан кыһалҕа, муҥ-сор, иэдээн, алдьархай. Страдание, мучение, беда, несчастье
Киһи үөрүүтүнээҕэр эрэйин ордук сатаан кэпсиир. Дьон да эрэй туһунан ордук дөбөҥнүк өйдүүллэр. Амма Аччыгыйа
Элбэх сүдү эрэйтэн, элбэх ыар санааттан баттах маҥхайар. И. Гоголев
Икки атахтаах эрэйин аччатаары, кыра кыыспын, Айыы Куону, Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр Орой-Буурай Орулуос Дохсуҥҥа ойох биэрэн атааран эрэбин. П. Ойуунускай
Кубань хонуу куйаара — былыр-былыргыттан элбэх эрэйи, үгүс кыргыһыыны көрбүт сир. П. Филиппов
2. Сэниэни, күүһү ылар ыарахан үлэ. Тяжёлый, напряжённый труд, отнимающий много сил, энергии
Элбэх эрэйи солбуйан, Электро күүһүнэн Күрүлэччи ыыр күүстээх массыынанан Күүһэммит эбиттэр. Саха фольк. Сор, эрэй бөҕөнөн соҕотох илимин үтэн астаста Уонна, өлөртөн куотар өйдөнөн, Улуу муораны ааттаста. Күннүк Уурастыырап
Үлэбитинэн, эрэйбитинэн иитиллэн олорор дьоммут. Күндэ
Маҥнай биһиги эмиэ эрэй бөҕөнү көрөр этибит. Ынах инчэҕэй кутуруга биһиги сирэйбититтэн арахсыбат этэ, ыары гыннахха тэбэн кууһуннарара, чугаһаары гыннахха сиэлийэн толуннарара. С. Ефремов
Эрэйбин санаар — эйиэхэ кыһаллыбыппын умнума. Не забывай и о моих стараниях
Хата, эн, кэнники, наҕараадаҥ кэллэҕинэ, мин эрэйбин санаар. Н. Неустроев
Халлаан эрэйэ көр халлаан. Манна хаһан да сылдьыбатах эрээри, сымыйанан халлаан эрэйин эрэйдиир быһыылаах. Н. Якутскай. Эрэйгэ остуойута суох — туох да туһата суох, көрүнньүк (дьыала). соотв. овчина выделки не стоит
Эрэйгэ тэбилин — кыһалҕаҕа киир (ыллар) диэн курдук (көр кыһалҕа). Утуйбатах күннэргин барытын умнан эрэйгэ эмиэ тэбилинниҥ. Г. Нельбисова. Эрэй диэтэҕиҥ сыһыан холб. — туох эрэ олус салгымтыалаахтан сордонору этиллэр. О чём-л. изрядно надоевшем (вот напасть-то)
Сырыы аайы, эрэй диэтэҕин, ардахха баттатабыт. ПНЕ МСЯЯ. Эрэйи көрдө — улаханнык моһуогурда, ыарахан балаһыанньаҕа ылларда. Попадать в затруднительное положение
Үнүр тордуохпун умнан баран, эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Н. Апросимов. Эрэйим таах хаалбата (хаалла) — эрэйдэммитим туһалаах (туһата суох) буолла. (Не) напрасно, (не) зря трудился
Быйыл кыһыны быһа астаһан үөрэтэлээбит эрэйим таах хаалбата — үчүгэйдик ааҕар-суруйар буоллулар. Эрилик Эристиин
Эрэйиҥ тиллэр (төлөнөр) көр эрэйи төлүүр (сабар). Ханнык да үлэ эрэйэ тиллэр буоллаҕына үчүгэй куолута. С. Ефремов. Эрэйи төлүүр (сабар) — эрэйдэммит эрэй туһалаах буолар (эрэй ороскуотун толуйар). Вознаграждаются все труды
Сохсолору бэлэмнээһин үгүс түбүктээх буолан баран, булда элбэҕинэн киһи эрэйин төлүүр. «ХС». Куобах эрэ булда бары ороскуоту, бириэмэни, эрэйи толору сабар булт. В. Ядрихинскай. Эрэйи чэпчэт — киһи ыар дьылҕатын хайдах эрэ гынан чэпчэт. Облегчать чью-л. тяжёлую участь
Кини [Туллук] сүрэҕэ чараас Кэнэн хомуһун Амарах ырыатынан Эн ыар эрэйгин Чэпчэтэ сатыыр. И. Гоголев
Эн, Кылбаҕар кыраһа хаар, Эбээн, саха дьонун Эрэйдэрин чэпчэппит Эрэллээх доҕорбут буолбаккыан? П. Тобуруокап. Эрэйи <кытта> эҥээрдэс көр эрэй эҥээрдээх. Эрэйи эҥээринэн тэлэн (тыыран) — бэйэтинэн, эттээх хаанынан элбэхтик эрэйдэнэн. Пережил много горя, перенёс много бед, принял много мук
Мин кырдьаҕас киһибин, Элбэх эрэйи эҥээрбинэн тэлбитим. М. Доҕордуурап
Түөспүт этирик эриэн буолуор диэри эрэйи эҥээрбитинэн тыырбыппыт. Суорун Омоллоон. Эрэй соболоҥо — эрэй (үлэ, кыһамньы) төлөбүрэ. Оплата за услуги (труды, заботы)
Тэппээх ойууҥҥа эрэйиҥ соболоҥо диэн кулуннаах биэни биэрдэ. И. Гоголев. Эрэй чарааһына (аҕыйа- ҕар) — эрэй олус дириҥии, элбии илигинэ. Пока не натворили много бед
Эрэй чарааһына, тугу да кэрэйбэккэ туран, ыччат арыгы утахтаммат дьаһалын ылыахха. «Чолбон»
Кыҥкыйдыы сылдьыахтааҕар, эрэй чарааһына [тутуу үлэтиттэн] уурайан, атын үлэҕэ көрдөс. «Чолбон»
Кэбис доҕоттоор, эрэй аҕыйаҕар тохтуоҕуҥ. КН ТДь. Эрэй эҥээрдээх — эрэй куруук батыһа сылдьар; эрэй соҕотох буолбат. соотв. беда не ходит одна
Сордоохмуҥнаах дьахталларын уобарастарын, эрэй эҥээрдээх эдьиийдэрин биһиги көрөбүт. Эрчимэн
Айар үлэтэ сыаналамматах ыар сылларыгар, эрэй эҥээрдээх дииллэринии, кэлин үс сыл иһигэр бииргэ төрөөбүт быраата, эдьиийэ, кэргэнэ өлбүттэрэ. «Сахаада»
ср. др.-тюрк. ериг ‘грубый, неприятный’, тув. эрээ, хак. ирее ‘мучение, страдание’