Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөстээҕинэн

сыһ. Үөс курдугунан (көр). Налитыми кровью глазами (смотреть)
Үөстээҕинэн түҥнэри көрбүт өргөстөөх муостаах үрүҥ оҕус обургу туус маҥан муус булгунньах буолан үллэн турар эбит, нохолоор! И. Гоголев
Дыгдаалап кинээс хараҕын үөстээҕинэн көрбүтүнэн, …… сутуруктарын болточчу туппутунан сымарынан кэллэ. М. Доҕордуурап
Тыыннара харааран эрэр буойуттар баһылыктара Улахан Быһах учуутал диэки үөстээҕинэн көрүтэлээтэ, уордаахтык бардьыгынаата. «ХС»

үөстээх

даҕ.
1. Уһаты куоһахтаах (быһах тимирин этэргэ, хаан сүүрэригэр аналлаах). Имеющий продольный желобок, выемку (для стекания крови: о лезвии якутского ножа)
Көөртө: биир харыс икки илии уһун, үөстээх, ойуулаах, мас уктаах ыстаал быһаҕынан — охсон кылбачыҥната олорор үһү. Саха фольк. Бырдьай …… саха ууһа охсубут үөстээх сытыы баҕайы быһаҕынан кыһа-кыһа, олуктуу-олуктуу, бүк-тах тута-тута, чааркааны оҥортуур. Күндэ
Быһах биир өттүнэн биилээҕэ, өнчөҕө халыҥ этэ, хара үөстээҕэ, быһыта сынньыы ойуулааҕа. Далан
2. Ортотунан хара сиэл дьураалаах (көнтөһү, өтүүнү о. д. а. этэргэ). Имеющий чёрную продольную полосу (о поводе, связанном из конской гривы)
Ортотунан үөстээх ат өргөнүн курдук хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕын дьөлө көрдө. Саха фольк. Онно Дьэргэлгэн Күлүк үчүгэй үөстээх көнтөс устата холобурдааҕынан хаалан иһэрэ үһү. Күннүк Уурастыырап
Үрэхтэрим, өрүстэрим үс үөстээх өргөн өтүүнү …… Субуйа бырахпыт курдуктар. Эрчимэн
3. Хас да араас өҥнөөх (кустугу этэргэ). Разноцветный, полосатый (о радуге)
Бии аҕыс үөстээх кустук халлааҥҥа умайан дьэргэйбитин курдук арылыйан көһүннэҕэ. П. Ойуунускай
Аҕыс үөстээх аас кустук иэҕиллэн турар. И. Гоголев
Бөҕө (өлбөт) үөстээх — бөҕө тыыннаах диэн курдук (көр бөҕө I)
«Эр Соҕотох бухатыыр» Быстыбат тыыннаах, Өлбөт үөстээх Киһи буолар кэскиллээх Буолуох этиҥ эбээт. Тоҥ Суорун
Сүллэһин Сүөдэр өлбөт үөстээх киһи буолан биэрбитэ. П. Аввакумов
Киһи барахсан бөҕө үөстээх. Араас түбүлээбит иэдээннэри аһарынан олох олорон кэллэҕэ. «ХС»
Үс үллэр үөстээх көр үс. Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ өрүстэн ордук өҥнөөх-тоттоох Өрүс баарын өйдөөбөппүн. Саха фольк. Үллэр балаһа долгуннаах үмүрүйэ-чөмөрүйэ тардыллар Үлүскэннээх дохсун сүүрүктээх Үс үллэр үөстээх Өлүөнэлиир эбэккэм! С. Васильев

Якутский → Русский

үөстээх

1) имеющий сердцевину; с... сердцевиной; сытыган үөстээх хатыҥ берёза с гнилой сердцевиной; 2) имеющий русло; с... руслом; 3) имеющий фарватер; с... фарватером; үс үөстээх Лена өрүс трёхрусловая Лена-река.


Еще переводы:

байаҕал

байаҕал (Якутский → Якутский)

көр байҕал
[Аан ийэ дойду] Тумара байаҕал олохтоох, Хотугу байаҕал тутаахтаах, Арҕаа байаҕал дьайыҥнаах, Соҕуруу байаҕал тулалаах, Илин байаҕал иилээх. Саха нар. ыр. Арҕаа диэки өттүн одуулаан турдахпына – Аҕыс үөстээх Араат байаҕаллаах эбит, Аҕыс күннүк сиртэн Аарыгыра-айдаара, айгыста турар эбит. Ньургун Боотур
Бу тоҕус үөстээх тоҥмот муора уораана буоллаҕа, аҕыс үөстээх Араат байаҕал анысхана буоллаҕа, сэттэ үөстээх иҥэрэ далай сипсиэрэ буоллаҕа! ПЭК ОНЛЯ I

жёлчный

жёлчный (Русский → Якутский)

прил. Х.физиол. үөстээх, үөс; жёлчный пузырь үөс хабаҕа; 2. перен. (раздражительный, злой) киҥнээх, куһаҕан киҥнээх, бэтэлээх; жёлчный характер киҥнээх майгы; жёлчный тон бэтэлээх куолас.

илбэн

илбэн (Якутский → Якутский)

илбээ диэнтэн бэй
туһ. Симилэхтээх систэрин Силистэрин уута ирэн, силбэһэн, Туундара ойуурун Мутугун уутунуун мустан, Илбэнэн, холбонон эргичийэн, …… үс үөстээх Сүҥкэ далай олохтоох эбит. Саха нар. ыр.

кулугунай

кулугунай (Якутский → Якутский)

ала кулугунай балык фольк. — олоҥхоҕо баар түргэн сырыылаах балык. Мифическая пестрая быстроходная рыба
Ала кулугунай балык Аҕыс үөстээх Куута кууттаах Муос саа. П. Ойуунускай

кылабачыҥнат

кылабачыҥнат (Якутский → Якутский)

кылабачыҥнаа диэнтэн дьаһ. туһ. Биир харыс икки илии уһун үөстээх, ойуулаах, мас уктаах ыстаал быһаҕынан …… быһыта түһэрэн, охсон кылабачыҥната олорор үһү. Саха фольк.

үллэҥнэччи

үллэҥнэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Түллэҥнээн, үллэҥнээн көстөр курдук. Вздымаясь (о волнах)
Үс үөстээх, үллэр дэбилгэн уулаах Өлүөнэ өрүс уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай

алаататалаа

алаататалаа (Якутский → Якутский)

алаатаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Сирэйэ-хараҕа өлбөөдүйэн, чалбах курдугунан алаататалаан, арыт үөстээҕинэн турулуччу көрүтэлээн, били киһиттэн эрэ бэрт киһибит сэлэһэ олорбут дьонун киэр хайыһыннарыах, кэтэхтэрин көрдөртүөх, тэскилэтиэх омооннонон хаалар. ДьИэБ

алам-дьалам

алам-дьалам (Якутский → Якутский)

сыһ., кэпс. Барытын саба быраҕан, киэҥник хабан, элэс хараҕы быраҕан (көр). Мгновенно охватив взором, бросив беглый взгляд (определять что-л.)
Анараа өттүн Аһара баттаан, Аллаах аттыы Аламдьалам көрдөххө, Аҕыс үөстээх Арыылаах сүндэлэ күөллээх эбит. П. Ойуунускай

өрүскэннээх

өрүскэннээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Дохсун, олус күүстээх (хол., сүүрүк). Стремительный (поток)
Үс үллэр үөстээх, Өрүскэннээх сүүрүктээх Өрөгөйдөөх Өлүөнэ өрүс хотун. Өксөкүлээх Өлөксөй
Олохпут өрүскэннээх сүүрүктээх өрүскэ маарынныы кубулуйда. Күннүк Уурастыырап
[Кыыллаах арыы] көҕөрөн көстөр тыалардаах, өрүскэннээх өрүстээх. Саха нар. ыр. II

сытаахтаа

сытаахтаа (Якутский → Якутский)

сыт диэнтэн атаах. Тарбыйахпыт хараҕын үөстээҕинэн көрөн, моонньун уһатан, көбүөхтүү тыына сытаахтыыра. И. Гоголев
Сэрэйбит курдук, эбэм барахсан бэйэтэ бэйэтинэн сытаахтыыр. Н. Заболоцкай
Доҕорум ол хотоол быарыгар гимнастёрката бүтүннүү балай хаан буолан баран, өйүн сүтэрэн сытаахтыыр эбит. С. Никифоров