Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өттүгэлээ

туохт., түөлбэ. Ойоҕос, кытыы өттүнэн бар, ойоҕолоо. Идти по краю чего-л.
Ити иннигэр быһыйдар бастаан, сыылбалар хаалан, булчуттар өттүгэлээн испиттэрэ. И. Данилов
Баһылай биһиги өттүгэлиир, ол аата тииҥнии-тииҥнии тыанан барар буоллубут. С. Федотов


Еще переводы:

сыылба

сыылба (Якутский → Якутский)

даҕ. Нэс, мөдөөн, хоһууна суох. Медлительный, нерасторопный, неповоротливый. Сыылба киһи
Оттон үһүспүт — оскуола остуораһа Дьуона диэн, эдэр эрээри, аҕыйах саҥалаах сыылба, тоҥкуруун киһи. Н. Габышев
Ити иннигэр быһыйдар бастаан, сыылбалар хаалан, булчуттар өттүгэлээн испиттэрэ. И. Данилов
Хонооһой — мөдөөн, сыылба көрүҥнээх уол — тэйиччи соҕус кулуһуҥҥа чаанньык оргутан букунуйар. Саһарҕа
ср. алт. дьылбас ‘неповоротливый, неподатливый’