Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өттөй

туохт. Тугунан, киминэн эмэ киэн тутун, киһиргээ, киэбир. Гордиться чем-л., важничать, кичиться, заноситься
Биһиги хас мунньах аайы кыракый ситиһиилэрбитинэн өттөйөбүт. Далан
Мин сэриигэ сылдьыбытым, кыайбытым-хоппутум диэн түөспүн охсуммаппын, онон өттөйбөппүн. Ф. Софронов


Еще переводы:

дьорҕоотоо

дьорҕоотоо (Якутский → Якутский)

туохт. Бэйэҕин билинэн кимиэхэ-туохха эмэ сытыытык, сорунуулаахтык сыһыаннас, өттөй. Чувствуя свою силу, действовать смело, решительно
Буурҕаны, тыаны муннунан хайытар Булчут бэрдэ киһилии дьорҕоотоо, Дьиэҥ ыырынааҕы куобахха саантаама, Түөһүгэр күннээх саһылы сонордоо. Р. Гамзатов (тылб.)

суолан

суолан (Якутский → Якутский)

туохт. Күөн тутун, өттөй (дэҥҥэ тут-лар.). Преподносить что-л. как заслугу, кичиться чем-л. (употр. редко)
[Дьуур:] Чэ, бэрт доҕор... Туох да куһаҕаны санаабакка сылдьар киһиэхэ кырдьаҕаскынан эрэ суоланан кыыһырарыҥ. Дьэ мин эйиэхэ тугу оҥордум? Суорун Омоллоон
«Киэр буолуҥ! Тыыннаахпына!» — Даайыс хаһыытаабыта. Кырыктаах лэһээнньик: «Оҕоҕунан суоланыма, силиэр», — диэбитэ, далайан сыҕарыччы аспыта. М. Доҕордуурап
Күүстээхпин диэн Күүһүнэн өттөйөн, Күөмчүлэспэккэ, Аһыылаахпын диэн Адьырҕатынан суоланан Атаҕастаспакка Ийэ сир иэнигэр Эйэлээх олох иэнигийдин. Н. Ефремов

ыҕарый

ыҕарый (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Кимиэхэ эмэ кырбыах курдук туттан, ыга анньан кэл. Подступить, приблизиться к кому-л. вплотную, намереваясь ударить, побить
Дэлби үөҕэр, мөҕөр, ыҕарыйар, түрдэрэр. Суорун Омоллоон
Суон кулуба ыҕарыйда ордоотоон. И. Гоголев
Хобороос кыынньан, кыыһыран, ыҕарыйан кэллэ. А. Сыромятникова
2. Кими эмэ күһэй, тугу эмэ оҥортороору биитэр тугу эмэ ылаары ыгантүүрэн бар, күүскүнэн өттөй. Наступать, наседать на кого-л., принуждая к какому-л. действию, заставляя делать что-л. Аны ыҕарыйан ыларыҥ баар эбит ээ? П
Ойуунускай. — Ити дьааһыгы ас! Туруоҥ дуо, ас түргэнник? — диэн кинээс Балбаараны ыҕарыйда. Эрилик Эристиин
Саҥардыах да бокуойа суоҕа, бэстилиэтин остуолга ууран баран, туппахтыы олорбута. «Билин!» — дии-дии ыҕарыйбыта. «ХС»