Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өҥөҥнөө

туохт. Хас да төгүл быган көр. Несколько раз выглядывать откуда-л. или заглядывать куда-л. «Мин Дулҕалаахпын ылабын, – диэтэ Дьөгүөрдээн
– Ким онно өҥөҥнөөбүтү барытын сутурукпунан көрсүөм». Амма Аччыгыйа
Дьиэлээхтэр өҥөҥнөөтүлэр, былтаҥнастылар. Суорун Омоллоон

Якутский → Русский

өҥөҥнөө=

равн.-кратн. от өҥөй = быстро, моментально заглянуть куда-л.


Еще переводы:

сохсолон

сохсолон (Якутский → Якутский)

сохсолоо диэнтэн атын
туһ. Кырыыһаҕа тахсыбыт, түннүгүнэн өҥөҥнөөбүт дьоннор бука бары биир да орпокко сохсоломмуттара. «Чолбон»

өҥөҥнөс

өҥөҥнөс (Якутский → Якутский)

өҥөҥнөө диэнтэн холб. туһ. Хамначчыт кыргыттар, үтүрүһэ-үтүрүһэ, аанынан быгыаластылар, түннүгүнэн өҥөҥнөстүлэр. Н. Якутскай
Бочугурастар көтөн тирилэстилэр, чугас тииккэ тахсан олорон, бычыгырыы-бычыгырыы, дьону көрөн өҥөҥнөстүлэр. Далан

былтаҥнаа

былтаҥнаа (Якутский → Якутский)

былтай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Дьиэлээхтэр өҥөҥнөөтүлэр, былтаҥнаатылар. Суорун Омоллоон
Ол ону [сири] билигин арҕааттан Өрт баран кэлтэччи салаата, Түүннэри көрөбүн, халлаантан, Уот тыла былтаҥныы хамсаата. С. Васильев
«Суһал көмө» тиэргэнтэн Тахсан барда сэрэммиттии. Түннүгүнэн муодаргыы Былтаҥнаатылар. И. Гоголев

үҥүөлээ

үҥүөлээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1.
үҥүлүй диэн курдук. Боросуонактар ийэлэрин эмиэхтэрин баҕаран үҥүөлүү сатыыллар да, ийэлэрэ буолуммакка сирбиэтэнэрэ. В. Протодьяконов
Өрүөстээх сүүстээх тамыйах оонньоон, Үҥүөлүү турар ийэтин моонньун: Оо, хаһан, хаһан илдьэллэрий Кинини ийэтин эмнэрэ? П. Черных-Якутскай
2. Тугу эмэ туох эмэ үрдүнэн көрө сатаан дьүккүйэ-дьүккүйэ өҥөҥнөө, быгыалаа. Вытягивая шею, высматривать что-л., вглядываться во что-л. Ол-бу диэки үҥүөлээбитэ буоллубут да, адьас туох даҕаны көстүбэт. Тумарча
Өстөөҕү харахпар көрөн, кыҥаан ытаары үҥүөлүүбүн да, көстүбэт. ИИФ ИДЫК
Корзинкаҕа хаайтарбыт кус оҕолоро бары чуубургуу-чуубургуу тахсаары үҥүөлүүллэр да, туох да тахсыбат. М. Пришвин (тылб.)