сыһ. Алтан курдук, алтаҥҥа маарынныыр (хол., өҥүнэн, тыаһынан эҥин). ☉ Медноподобно (напр., о цвете, звоне)
Саас-үйэ тухары туундара салгына сайа охсубут саһархай иэдэстэрэ дьэс алтанныы килбэс гынан хаалбыттара. Н. Заболоцкай
Мин эрдэ турбутум... Күн уота алтанныы күөх тыаны кытардан эрэрэ. Эллэй
Эрэдээктэр [Дайыылап] маҥнай туттуна сатыыр. Онтон куолаһа улам үрдээн, алтанныы чаҥырҕаан барар. Амма Аччыгыйа
Чаҥ алтанныы чаҥырҕаан, Киҥкиниир киэҥ халлаан Килбиэннээх курбуутугар тахсан Кэдэрги түһэн, Кэтэһэн олордум. Өксөкүлээх Өлөксөй
Якутский → Якутский
алтанныы
Еще переводы: