даҕ.
1. Ардыы турар, ардах түһэ турар. ☉ Дождливый; ненастный (день)
Биир ардахтаах боруҥуй киэһэ холумтаннарын таһыгар айдаара олордохторуна, Сэмэн оҕонньор таһырдьаттан унньулус гына түстэ. Амма Аччыгыйа
Таһырдьа, ардахтаах сиппэрэҥ күн буолан, хараҥа. Н. Лугинов
Биир сүрдээх ардахтаах күһүҥҥү күн суруйааччылар бырабылыанньабыт мунньаҕа буолла. «ХС»
2. Сотору-сотору ардыыр, тохтообокко кэлэн түһэ турар. ☉ Дождливый, с частыми дождями (лето, осень)
Быйыл ардахтаах дьыл буолара буолуо, кус түөһүн уҥуоҕа хааннаах. И. Гоголев
Быйыл саас хатыҥ уута элбэхтик сүүрдэ, онон быйыл улахан ардахтаах сайын буолуо. В. Протодьяконов
Быйыл ардахтаах, сылаас күһүн турдаҕына, эрдэ хаар ыга түһэн, кэнчээри үүнээйилэр ситэ хагдарыйбакка хаалбыттар. Амма Аччыгыйа
△ Өҥ, үүнүүлээх. ☉ Урожайный, плодоносный
Ардахтаах (өҥ) дьылга ый ортотунааҕы ардах ый эргэтинээҕи ардаҕы кытта холбостоҕуна, ол да курдук ый эргэтинээҕи ардах ый саҥатынааҕы ардаҕы кытта холбоһор. ВСС ППУОЯ
3. эргэр. Түүнүгүрбүт, түүнүктээх. ☉ Закисший, заплесневелый (о молочных продуктах); покрытый плесенью
Туҥуй ынах тордохтоох Тунаа маҥан тунаҕын, Аҕам анах ардахтаах Араҕас илгэ арыытын Холлоҕос иһит аайы Холобура суох куттулар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Айахтаах амсайбатах Ардахтаах ас үрдүн Айах туттубут. Саха фольк.