Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ардырҕаа

тыаһы үт. туохт.
1. Ырдьыгыныы-ырдьыгыныы улаханнык, олус киҥнээхтик үр (ыт туһунан). Беспрерывно рыча, громко и зло лаять, рявкать (о собаке). Дьиэ ойоҕоһуттан ыт ыстанан тахсан ардырҕаата
Чочумча буолаат, антах олбуор иһигэр, эмискэ уордайан, тоҕо баран ыт ардыргыыр саҥата иһиллэр. «ХС»
2. көсп., кур. Кими эмэ мөҕөн-этэн, саҥаран куруубайдык уонна уордаахтык хаһыытаа; көбүөлээ. Грубо и зло ругать кого-л.; кричать на кого-л. «Оттон манна сэрии буола турдаҕына эн олус быгыалаама ээ!» — диэн Микиитэ [Агааса кыыһы] ардырҕаан кэбистэ. Амма Аччыгыйа
[Немец эписиэрэ] ефрейторга туох эрэ диэн хаһыытаан ардырҕаабыта уонна ааһа турбута. ССС. Тэҥн. көбүөлээ

Якутский → Русский

ардырҕаа=

разд.-кратн. рявкать, порявкивать; рычать.


Еще переводы:

огрызаться

огрызаться (Русский → Якутский)

несов., огрызнуться сов. 1. (о собаке) ырдьыгынаа, ардырҕаа; 2. перен. разг. ардырҕаа, мордьой.

ардырҕаһыы

ардырҕаһыы (Якутский → Якутский)

ардырҕас диэнтэн хай. аата. Элбэх ыт мунньустан ардырҕаһыы бөҕө буолла
Сүөдэр тойонун дьиэтиттэн таҕыстар эрэ, кини туһунан кэпсэтии, ардырҕаһыы күөдьүйэрэ. Н. Якутскай
Оннооҕор тыллаах дьахтар тылыбырайыытыгар, бэл этиһии ардырҕаһыытыгар саҥа тылы, сонун тылы, истибэтэх тылгын булуохха сөп. «ХС»

ардырҕат

ардырҕат (Якутский → Якутский)

ардырҕаа диэнтэн дьаһ
туһ. Оччоҕо [ол кэмҥэ] кулаактар миигин харахпын-кулгаахпын саба баттааннар, эһигини утары ардырҕатар буолаллара. Күндэ

эпириэйтэр

эпириэйтэр (Якутский → Якутский)

аат., байыан. Бастыҥ саллаакка бэриллэр байыаннай сыбаанньа (көннөрү саллааттан үрдүкү, сержантан анныкы). Воинское звание, которое присваивают обученным военнослужащим рядового состава за воинские заслуги, ефрейтор. Солоточыына суох, бэл, эпириэйтэр буолбатах, Көннөрү саллаат, саллаат курдук саллаат… С. Тарасов [Капитан:] (уолугар маузерынан тирээмэхтиир уонна, өй булуммуттуу, эпириэйтэргэ хаһыытыыр)
Эпириэйтэр!.. Бу хара ыты илдьиҥ! В. Протодьяконов
[Ньиэмэс эписиэрэ] эпириэйтэргэ туох эрэ диэн хаһыытаан ардырҕаабыта уонна ааһа турбута. ССС

ардырҕас

ардырҕас (Якутский → Якутский)

  1. ардырҕаа 1 диэнтэн холб. туһ. Кини [Моойторук] өр сүтэн кэлэр, оҕолоро саба түһээт, ардырҕаһан, быһыта хапсан бардахтарына, сэмэлиирдии киҥинэйтэлиир. Амма Аччыгыйа. Ыттарбыт тохтооботулар, бу түүнү быһа ардырҕастылар. Я. Семенов
  2. көсп., кур. Кими эмэ кытта улаханнык саҥаран этис, көбүөлэс. Громко и сильно ругаться, браниться с кем-л. [Уйбаныаптар] ол гынан баран, өр этиспэтилэр, ардырҕаһа түһээт, аасыһан хааллылар. Амма Аччыгыйа
    Туох да туолката суох мунньахтаан, ардырҕаһан бараннар, тарҕастылар. Күндэ
    Оҕонньордоох эмээхсин хас киэһэ аайы ардырҕаһар, этиһэр идэлэннилэр. Н. Якутскай