ардырҕас диэнтэн хай. аата. Элбэх ыт мунньустан ардырҕаһыы бөҕө буолла
□ Сүөдэр тойонун дьиэтиттэн таҕыстар эрэ, кини туһунан кэпсэтии, ардырҕаһыы күөдьүйэрэ. Н. Якутскай
Оннооҕор тыллаах дьахтар тылыбырайыытыгар, бэл этиһии ардырҕаһыытыгар саҥа тылы, сонун тылы, истибэтэх тылгын булуохха сөп. «ХС»
Якутский → Якутский
ардырҕаһыы
ардырҕаа
тыаһы үт. туохт.
1. Ырдьыгыныы-ырдьыгыныы улаханнык, олус киҥнээхтик үр (ыт туһунан). ☉ Беспрерывно рыча, громко и зло лаять, рявкать (о собаке). Дьиэ ойоҕоһуттан ыт ыстанан тахсан ардырҕаата
□ Чочумча буолаат, антах олбуор иһигэр, эмискэ уордайан, тоҕо баран ыт ардыргыыр саҥата иһиллэр. «ХС»
2. көсп., кур. Кими эмэ мөҕөн-этэн, саҥаран куруубайдык уонна уордаахтык хаһыытаа; көбүөлээ. ☉ Грубо и зло ругать кого-л.; кричать на кого-л. «Оттон манна сэрии буола турдаҕына эн олус быгыалаама ээ!» — диэн Микиитэ [Агааса кыыһы] ардырҕаан кэбистэ. Амма Аччыгыйа
[Немец эписиэрэ] ефрейторга туох эрэ диэн хаһыытаан ардырҕаабыта уонна ааһа турбута. ССС. Тэҥн. көбүөлээ
ардырҕас
- ардырҕаа 1 диэнтэн холб. туһ. Кини [Моойторук] өр сүтэн кэлэр, оҕолоро саба түһээт, ардырҕаһан, быһыта хапсан бардахтарына, сэмэлиирдии киҥинэйтэлиир. Амма Аччыгыйа. Ыттарбыт тохтооботулар, бу түүнү быһа ардырҕастылар. Я. Семенов
- көсп., кур. Кими эмэ кытта улаханнык саҥаран этис, көбүөлэс. ☉ Громко и сильно ругаться, браниться с кем-л. [Уйбаныаптар] ол гынан баран, өр этиспэтилэр, ардырҕаһа түһээт, аасыһан хааллылар. Амма Аччыгыйа
Туох да туолката суох мунньахтаан, ардырҕаһан бараннар, тарҕастылар. Күндэ
Оҕонньордоох эмээхсин хас киэһэ аайы ардырҕаһар, этиһэр идэлэннилэр. Н. Якутскай
Якутский → Русский
ардырҕаа=
разд.-кратн. рявкать, порявкивать; рычать.
Еще переводы: