Якутские буквы:

Якутский → Русский

артерия

артерия; хорук тымыр; тыҥа артерията лёгочная артерия.

Русский → Якутский

артерия

ж. 1. анат. артерия, тарҕатар тымыр (сүрэхтэн хаан атын органнарга тарҕанар тымыра); лёгочная артерия тыҥа артерията; 2. перен. үөс суол, сүрүн суол; водные артерии уу сүрүн суоллара.


Еще переводы:

артериальный

артериальный (Русский → Якутский)

прил. анат. артериальнай, артерия; артериальная кровь артерия хаана.

тымыр

тымыр (Якутский → Русский)

жила, кровеносный сосуд; хорук тымыр сонная артерия; тыҥа тымыра лёгочная артерия; үөс тымыр вена; сүрэх тымырдара сердечные сосуды.

хорук

хорук (Якутский → Русский)

пульс; хоругун тут= щупать пульс; хорук тымыр прям., перен. артерия; Лена— Саха сирин хорук тымыра Лена — водная артерия Якутии.

өҥүс

өҥүс (Якутский → Русский)

I см. өҥүр .
II затылочные мышцы; өҥүс бас сонная артерия; область сонной артерии (включая мышцы).

сонный

сонный (Русский → Якутский)

прил. 1. утуйуу; түһээһин; в сонном состоянии утуйуу туругар; сонный бред түһээн үлүгүнэйии; 2. (спящий) утуйбут, утуйа сытар; 3. (сонливый, заспанный) уутун хамма-тах, утуктаабыт; у него сонный вид уутун хам-матах дьүһүннээх; 4. перен. (вялый, медлительный) утуктаабыт курдук, утуйа сылдьар курдук; # сонные артерии анат. өҥүс тымырдар (өҥүс баһынан төбөҕө баран эргийэн кэлэр артерия).

үөс

үөс (Якутский → Русский)

I 1) центр; середина; дойду үөһүгэр в центре страны; 2) середина; түүн үөһэ середина ночи; полночь; 3) сердцевина (дерева); хатыҥ үөһэ сердцевина берёзы; 4) середина, место, близкое к середине (водоёма); оҥочо үөскэ киирдэ лодка удалилась от берега; 5) русло; 6) фарватер; өрүс үөһэ фарватер реки.
II аорта; сис үөһэ главная артерия, аорта#үөһүм да быстыа буоллар во что бы то ни стало; хоть тресни (букв. хоть у меня аорта лопнет); үөскүн тартар = испустить вопль, издать громкий гортанный крик (от испуга, неожиданности).
III 1) жёлчь; 2) жёлчный пузырь # үөһэ тэстэр суола предмет его восторгов.

бас

бас (Якутский → Русский)

I 1. 1) голова || головной; бас былаата головной платок; баһым ыарыйда у меня заболела голова; баһыттан атаҕар диэри с головы до ног; баскыттан атаххар диэри баһыыба большое тебе спасибо (букв. | спасибо с головы до ног); бил баһыттан сытыйар посл. таймень портится с головы; 2) глава, раздел; сэһэн маҥнайгы баһа первая глава повести; 3) сторона, край; күөл арҕаа баһыттан с западной стороны озера; 4) начало, исток; өрүс баһа начало, исток реки; үрэх баһа а) исток реки; верховье; б) перен. дикое, глухое, ненаселённое или малонаселённое место; 5) передняя или верхняя сторона, часть чего-л.; тыа баһа верхушка дерева; тыы баһа нос лодки; өттүк баһа анат. головка бедра; бүлгүн баһа анат. головка плечевой кости; 2. головной, передовой; бас орон головная нарта # аҕа баһын тосту олор = превосходить славой, богатством своего отца; бас билии собственность; бас быата недоуздок; оброть; бас бэрин = подчиняться; покоряться; биһиги министерствоҕа бас бэринэбит мы подчиняемся министерству; өҥүс бас часть шеи, где проходит сонная артерия; таас бас а) ёрш; б) бычок (рыба); чаал бас разг. а) налимчик; б) шутл. большеголовый; эҥил бас а) верхняя часть плеча ближе к шее; б) загривок.
II в разн. знач. бас || басовый; бас струна басовая струна.

сүрэх

сүрэх (Якутский → Русский)

1) сердце || сердечный; сүрэх тэбиитэ биение сердца; сүрэх ыарыыта болезнь сердца; сүрэх ыарыылаах страдающий болезнью сердца; сүрэҕим хамсыыр у меня сердцебиение (от болезни, волнения); сүрэҕэ хайдыбыт инфаркт; сүрэх тымыра артерия (букв. сосуд сердца); сүрэх клапаннара сердечные клапаны; 2) перен. сердце, душа; амарах сүрэх сердобольный; доброе сердце; сүрэҕэ кыланар крик души; сүрэх төлөнө пламя сердца (воодушевление,, вдохновение); сүрэҕэ киниэхэ чугас он любит его (букв. его сердце близко к нему); ис сүрэҕиттэн от всего сердца, от чистого сердца; сүрэҕэ тэбэн кэбистэ от полноты сердца, от полноты души; сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн по велению сердца; сүрэҕим тэппэт мне не хочется (делать что-л.), у меня душа не лежит (к какому-л. делу); сүрэҕэ таайар сердцем чувствует; сүрэххэ ыттар= ощущать беспокойство от предчувствия чего-л. недоброго, неприятного; сүрэҕим айахпар таҕыста у меня душа в пятки ушла (букв. сердце подскочило ко рту); сүрэҕим бар гынна сердце у меня ёкнуло; сүрэҕим мөҥөр у меня сердце щемит; сүрэҕим быллыгырыыр а) у меня сердце трепещет (от страха); б) у меня сердцебиение с тошнотой; сүрэҕим ылбат я чувствую отвращение (букв. моё сердце не принимает); сүрэҕэ ууллар у него сердце тает (говорится о слишком сердобольном человеке); сүрэҕэ ытырыктатар у него сердце не на месте; сүрэҕэ ытырбахтыыр а) у него сердце заныло; б) он чувствует острую жалость к кому-л.; сүрэҕин быата уһун он слишком спокоен, равнодушен; сүрэҕин хайыт = сильно напугать кого-л.; сүрэҕин ырбаахыта чараас разг. ирон. а) слишком сердобольный; б) пугливый; сүрэх аалыыта буол = лечь камнем на сердце; сүрэх баастаах со старой раной в сердце, с осевшим в душе горем; сүрэх үөрэр сердце радуется; сүрэҕим хаанынан ытыыр у меня сердце кровью обливается (от жалости, от какого-л. душевного страдания); сүрэхпиттэн быстыам дуо ? разве я отрежу кусок от своего сердца? (т. е. лишусь родного, любимого); сүрэх сүрэххэ дылы погов. сердце похоже на сердце (о любви к ближнему); сүрэххэ быһахтаммыкка дылы погов. как ножом по сердцу; эһэ тыҥыраҕынан , эр сүрэҕинэн погов. медведь силён своими когтями, добрый молодец — смелым сердцем; 3) перен. энергия, старание, жажда деятельности; сүрэҕэ бэрт деятельный, трудолюбивый; сүрэҕэ батарбат (или тулуппат) он не усидит на месте (без дела); сүрэҕин баҕатынан по желанию, охотно; сүрэх баҕарар да, сүһүөх уйбат погов. сердцу хочется действовать, да сил не хватает (соотв. видит око, да зуб неймёт); сүрэҕинэн сылдьар а) он старательный, добросовестный; б) он ходит, делает что-л. через силу; күөх сүрэх презр. бездельник, лентяй; сүрэҕэ көҕөрбүт (или сытыйбыт , көппөйбүт ) разг. презр. он совершенно обленился; 4) перен. сердце, центр; Москва — биһиги дойдубут (тэбэр ) сүрэҕэ Москва — сердце нашей страны; туу сүрэҕэ внутренняя воронка у верши; хаппыыста сүрэҕэ капустная кочерыжка; 5) уст. нательный крест, крестик # кус сурэх трус; сүрэҕим өлөхсүйэр (или чаалыйар ) меня тошнит, мутит; сүрэҕим умайар (или өрүкүйэр ) я чувствую тошноту; сүрэҕим ытарҕата ласк. сердце моё, жизнь моя (букв. серёжки моего сердца — обычно о единственном ребёнке); сүрэҕэ бүөлээбит разг. у него одышка от ожирения; сүрэҕэ ылбат или сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр он испытывает отвращение (к какой-л. еде); сүрэх-пэр киирэр разг. я не могу есть жирного (букв. к сердцу подступает); сүрэх уруу кровный родственник; сүрэххин баттат = а) освежаться (выпив, съев чего-л. холодного); б) страдать от сильного похмелья; тарбах сүрэҕэ подушечки пальцев.