туохт. Доҕордон, доҕордо бул. ☉ Иметь друга, найти для себя друга
Ол икки ардыгар аны саха биир өйдөөх, улахан биллиилээх киһитэ Алампа Софронов курдук атастана оҕустум. А. Данилов. Тэҥн. доҕордон
Якутский → Якутский
атастан
атас
I
аат. Кимиэхэ эмэ доҕор, табаарыс. ☉ Чей-л. приятель, друг, товарищ
Атас туһугар атах тостор (өс хоһ.). «Олус көмүскээмэ, атас, бэйэҕэр сыстыа», — диэн саайда Ваня. Амма Аччыгыйа
[Ыаллара] тиийэн кэлэллэрин кытта, суккун сонноох Суут албын: «Доҕоор, атастарым кэллилэр, күөстээ эрэ», — диир. Суорун Омоллоон
Испирдиэн былыр мин аҕам саамай истиҥ атаһа этэ. С. Ефремов
ср. тюрк. адаш, ат даш ‘тезка’
II
аат., эргэр. Мэнэйдэһии; туох эмэ хардата, төлөбүрэ (малынан, нотууранан). ☉ Мена, обмен; замена, оплата (натурой)
Ол атаһы кинилэргэ табах биэрэр. Оҕуспутун атаһа да суох уларсыахпыт. ПЭК СЯЯ
III
аат., харыс т. Киис атыыра. ☉ Соболь-самец
Атас эбит. Өҥтүү мааны. СГФ СКТ
доҕор-атас
аат., хом. суолт. Кимиэхэ эмэ истиҥ, чугас дьон. ☉ Искренние, близкие люди; люди, связанные с кем-л. дружбой
Туллук-туллук доҕоттоор, Туран-олорон сылдьарга Доҕор-атас туһалаах. А. Софронов
Киһи киһини доҕор-атас курдук иллээхтик, эйэлээхтик көрсүһэр кэмэ кэлэн турар. Н. Якутскай
Якутский → Русский
атас
I мена, обмен; замена; оҕус атаһа плата за быка.
II приятель, друг, товарищ; миэхэ атас буол будь мне товарищем; атас туһугар атах тостор посл. ради друга и ногу сломаешь (букв. и нога сломается).
Якутский → Английский
атас
n. friend; атас-доҕор n. friends
Еще переводы: