аат. Аармыйа саллаата, буойун, сэрииһит. ☉ Солдат, боец, воин
«Ийэ дойду иһин!» – диэн хамандыыр хатан куолаһа атаакалыыр байыастар үрдүлэринэн тэнийэр. Т. Сметанин
Аҕа дойдубут көҥүлүн көмүскүү сылдьар Кыһыл Аармыйа килбиэннээх байыастарыгар саха норуотуттан итии эҕэрдэ тыл тиэртибит. Суорун Омоллоон
Кыайыы дьолун аҕалбыт Кыһыл байыас дьоннору Олохтоохтор олус үөрэн Ууруу, кууһа турбуттара. Күннүк Уурастыырап
Якутский → Якутский
байыас
Еще переводы: