Якутские буквы:

Русский → Якутский

бахвалиться

несов. разг. бэрдимсий, киһиргэн.


Еще переводы:

киһиргээ=

киһиргээ= (Якутский → Русский)

хвастаться, хвалиться, бахвалиться.

чабылан=

чабылан= (Якутский → Русский)

возвр. хвастаться, бахвалиться; наһаа чабылан= чрезмерно хвастаться; бэйэтин билиитинэн чабыланар он хвастается своими знаниями.

айаҕалаа=

айаҕалаа= (Якутский → Русский)

айаҕалыы сатаан модальное словосочет. исчерпав все возможности, испробовав всё возможное, в конце концов; айаҕалыы сатаан манна көрдүүбүн обыскав всё, ищу даже здесь (надеясь на авось). айаҕалан = 1) выдумывать, мудрить; 2) бахвалиться, хвалиться; много говорить (о себе, о своей работе); айаҕаланарын курдук үлэлээбэт он больше говорит, чем делает.

киһиргээ

киһиргээ (Якутский → Якутский)

туохт. Атыттартан ордук буола сатаан кэпсэн-ипсэн, хайҕан, арбан. Хвастаться, хвалиться, бахвалиться
[Хаалдьыт:] Ити тухары, киһиргээн, бэйэтин, туох эмэ курдук сананарыттан ити курдук майгыланар. А. Софронов
Бу киһиргээн дьүһүлэнэн эрдэҕин! Амма Аччыгыйа
Оо, эрэйдээх, сөбүгэр да буолан бараҥҥын киһиргиир эбиккин. Суорун Омоллоон. Тэҥн. дэбдэй, чабылан, бэрдимсий

өйүмсүй

өйүмсүй (Якутский → Якутский)

туохт., сөбүлээб. Бэйэҥ өйдөөххүн көрдөрө сатаа, өйдөөххүнэн киһиргиир курдук тутун. Умничать, бахвалиться своим умом
Киэһэ истиэ аҕатын өйүмсүйэр лабаҥхатын. И. Гоголев
[Түөтэ Сиимэ:] Онно тиийэн, сүүрбэ миэстэлээх гарнитуру атыылаһан состорон аҕалыам! Оччоҕо өйүмсүйэриҥ тохтуоҕа! И. Семёнов
Өйүмсүйбүтүн көр эрэ. А. Чугунов

өртөй

өртөй (Якутский → Якутский)

туохт. Тугунан эмэ киһиргээ, киэмсий (үксүгэр күүс өттүнэн). Бахвалиться, хвастаться чем-л. (напр., силой и т. д.)
Полковник генеральнай ыстаап академиятын бүтэрбитинэн өртөйөрүн таптыыр үгэстээх. Софр. Данилов
Испирдиэҥкэ дьиэлээҕимсийиитэ, дойдулааҕымсыйыыта, улахан өрүс уутун иһэн улааппытынан өртөйөрө кэмэ-кэрдиитэ суоҕа. Э. Соколов

чабылай

чабылай (Якутский → Якутский)

туохт. Бэйэҕин хайҕанан кэпсээ, тылгынан киһиргээ. Хвастать, хвалиться, бахвалиться
[Кыргыттар] Чобугураабыт-чолугураабыт, Чабылайбыт-чалыгыраабыт, Ньуллугураабыт-нууччалаабыт [уолу ордороллор эбит]. Өксөкүлээх Өлөксөй
«Ити Задорожнай лахсыырын олус итэҕэйимэ, — Лукьянов атыны саҥаран барар. — Сымыйаччы. Арааһы чабылайар да, барыта адьас сымыйа буолуо». В. Быков (тылб.)
ср. др.-тюрк. чаблын ‘прославляться, становиться известным’

айаҕалан

айаҕалан (Якутский → Якутский)

туохт. Ону-маны гыныах, дьаһайыах, кыайыах-хотуох буолан эрэннэрэн, чабыланан элбэхтик кэпсэнипсэн; сэмэйэ суохтук ону-маны кэпсээ, иһитиннэр. Бахвалиться, хвалиться, много говорить о себе, давать несерьезные обещания; говорить, сообщать о чем-л. (беззастенчиво, нескромно)
Тылгынан айаҕаланан баран, дьыалаҕар дьаадьыйан биэрээри гынныҥ дуо? Болот Боотур
Степа биһиги оппут сибэккилээх, лууктаах, саамай минньигэс, тотоойу от диэн айаҕаланара. Н. Габышев
Биһиги курдук ол кырдьаҕастар Арбана айаҕалана сылдьыбаттар. С. Данилов
Мин ким-хайа иннинэ дьиэ-уот тэринээри айаҕаланан бараммын соҕотоҕун ыраах билбэт сирбэр үлэлии баран иһэрим кытаанах этэ. И. Федосеев

өҥүн

өҥүн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугу эмэ, сороҕор соччо улахана суоҕу оҥорон баран үлүннэрэн көрдөрө сатаа. Похваляться малой заслугой, представляя её более значительной
Утуйан да диэн, кырдьык, сарсыарданан эрэ нуктаан ылбытым. Баһаары умуруора сатаабыттар элбэхпит этэ, онон өҥнүбэтэҕим. У. Нуолур
2. Тугу эмэ бас билэргинэн, туохтааххынан эмэ киэн тутун, ол баарын көрдөрө-биллэрэ сатаа. Бахвалиться, хвастаться тем, что имеешь, рассказывая и показывая что-л. всем и вся
Субу-субу, өҥнүбүт курдук, үрүҥ көмүс иилэҕэстээх чаһытын сиэбиттэн хостоон көрөрө. П. Аввакумов
Хатыҥнар маҥан сотолорун өҥнөн, манна тураллар бөлөхтөөн, «Сэҥээриҥ», — диирдии чап-чараас сэбирдэхтэрэ суугунас. Ф. Софронов

кырбан

кырбан (Якутский → Якутский)

кырбаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Буруйа суох уолаттар охсулуннулар, Кыттыгаһа суох кыргыттар кырбаннылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Огдоос:] Хантан кэлиэй табах, арай бу уҥуох тоһоҕоһо баар, ону кырбанан тарт. А. Софронов
Өр-өтөр буолбата, иһит-хомуос тыаһаата, остуолга өрөһөлүү сылгы тоҥ хаһата, быара кырбанан, буспут эмис этэ, хартата, хаана тардылынна. В. Протодьяконов
Үрдүк сүүһүн ньылаччы туттан, икки илиитинэн икки өттүгүн ибили кырбанан Нил Нестерович бу киирэн кэлбитэ. «ХС»
Баскын кырбана олор көр бас II. Түөһүн кырбанар — 1) кэрээнэ суох киһиргиир, бэрдимсийэр, киһиргээн айдаарар. соотв. бить себя в грудь (нагло бахвалиться)
Аргыый буол, дьон истиэхтэрэ. Киһи бөҕөҕүн. «Мин да мин», — дии-дии түөскүн кырбанаҕын. Н. Лугинов; 2) муҥура суох кэмсинэн сордонор-муҥнанар (туох эрэ ыар айыыны-буруйу оҥорон). Отчаянно раскаиваться в чем-л., чувствовать себя несчастным (от содеянного)
Хараҥа, халыҥ айыыларгыттан кэмсинэн Куура хаппыт илиигинэн этирик түөскүн Дар-дар кырбанакырбана ытыыгын. И. Гоголев