уст. низкий с широким горлом горшок (для кипячения молока и варки рыбы).
Якутский → Русский
баҕарах
Якутский → Якутский
баҕарах
аат., эргэр.
1. Киэҥ айахтаах намыһах күөс (үксүгэр үүт үрүмэлиир). ☉ Низкий горшок с широким верхом (обычно для молока)
Үрүмэ үрүмэлиир баҕарах. Балык баҕараҕа. ПЭК СЯЯ
2. көсп. Төгүрүк кэҥэс хотоол сир. ☉ Округлая довольно обширная низменность
Улуу Сайылык уораҕайа биирдэ көстүбэт, бардаҕыҥ аайы бииртэн биир баҕарах нэлэһийэн, арыллан иһэр. Багдарыын Сүлбэ
Хахсыҥа үрэҕин баранар баһыгар, кыараҕас үрүйэ кэлэн холбоһор кэҥэс баҕараҕар сүүнэ улахан туруорбах хотон ыраахтан саһаран көстөр. Г. Колесов
Эн бэйэлээх [туундара] Сайдам киэҥ эйгэлээх Сай күдүө баҕарахтарыгар Сайыҥҥы да сахтарга Босхо бастаах Бороҥ урааҥхай Чугаһыа баара дуо? Күннүк Уурастыырап
◊ Баҕарах күөл көр күөл. Баҕарах саадьаҕай – саннын диэки өттө лаппа кэтириир үрүҥнээх саадьаҕай (сүөһү дьүһүнэ). ☉ С расширяющимся к лопаточной части белым чепраком вдоль хребта (о масти рогатого скота). Баҕарах үрүмэ эргэр. – ыаммытынан үүтү баҕарахха оргутан оҥорор үрүмэ. ☉ Пенка, получаемая кипячением цельного молока в специальном горшке
Итини таһынан, хатарба, хатта үрүмэ, баҕарах үрүмэ, субай, хатта, быар курдук эгэлгэ саха астарын аһаабыттара. АНХ СС. Баҕарах ыал – сирин батыһан бөлөҕүнэн тарҕанан олорор ыал. ☉ Дворы, расположенные на низменной равнине.
Еще переводы: