a. curious, inquisitive
Якутский → Английский
билигэс
Якутский → Якутский
билигэс
даҕ.
1. Туох эмэ дьайыытын, сабыдыалын этинэн-хаанынан арааран билимтиэ. ☉ Чуткий, быстро воспринимающий что-л. органами чувств
Сулуон сыты олус билигэс: сыты биэссэттэ биэрэстэлээх сиртэн ылыан сөп. ДьДьДь
Хайдах гынан тайах чуор кулгааҕа истибэт, билигэс мунна сыты ылбат гына үөмүөххэ сөбүй? «ХС»
2. Барыны бары билэр, билэргэ баҕалаах. ☉ Старающийся все знать; пытливый, знающий
Кини киһи билигэһэ да бэрт, күөллэр ааттарын барытын билэр. Саха ост. I
көрүгэс-билигэс
даҕ. Сытыы харахтаах; барытын болҕомтолоохтук бэлиэтии көрөр. ☉ Наблюдательный; остроглазый, зоркий
Хата, кини обургу, сырбалдьыйан, онно да сытыыта, көрүгэһэбилигэһэ бэрдинэн булан ылара [эймэҥнэс киһи ортотуттан-аргыһын]. Н. Лугинов
Еще переводы: