Якутские буквы:

Якутский → Якутский

биэрээхтээ

биэр диэнтэн атаах. Эҥин арааһы ыатаран биэрээхтиигин. В. Протодьяконов
[Оҕолор] оонньоон-көрүлээн биэрээхтиирбит. Эрилик Эристиин
Түүннэри-күннэри айаннаан биэрээхтиигин. Л. Попов


Еще переводы:

мөҕүлүн-этилин

мөҕүлүн-этилин (Якутский → Якутский)

туохт. Кимтэн эмэ куруук хомурулла, саҥарылла сырыт. Постоянно слышать в свой адрес укоры, упрёки, нарекания, осуждение. Мэлдьи мөҕүллэн-этиллэн да биэрээхтиир

хатыһыннар

хатыһыннар (Якутский → Якутский)

хатыһын диэнтэн дьаһ
туһ. Былыр Ылдьаа биһикки күннээн ыллаан сырыттахпытына, Көстөкүүн бокуонньук иккиэммитин хатыһыннаран, ыллатан биэрээхтиирэ. Эрилик Эристиин
Хас да төгүллээх сүүрүү кэнниттэн, аны кыайбыттары хатыһыннардылар. В. Протодьяконов

ньаҕаар

ньаҕаар (Якутский → Якутский)

туохт. Намчы, синньигэс куоласкынан уһуннук чаҕаарыйан ытаа (кыһыл оҕо туһунан). Плакать громко, протяжно тоненьким голосом (о младенце)
Сиэннэрэ барахсаттар ыалдьан, ньаҕааран биэрээхтииллэр. П. Аввакумов
Аны оҕото ытаан ньаҕаарда. Агидель к.

дьириһий

дьириһий (Якутский → Якутский)

туохт. Тохтоло суох биир кэм хатан, дьигиһийэр курдук тыаһы таһаар. Издавать громкий звонкий переливающийся дрожащий звук
Ол дьикти ырыа, Уостан сүтэ-сүтэ, Улаатан дьириһийэн, Илин эҥэр диэки Эҥсэн түһэ турбута. Күннүк Уурастыырап
[Хомуһум] Куппун-сүрбүн иҥэрбит, Кустуктана доҕорбор, Эйээрбэхтиир тойугуҥ, Эгэлгэлээх тылынан, Эйэҕэсчэй сүрэҕин, Эймэнитэ дьириһийэн, Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээхтээн биэрээхтээ! С. Васильев

матараахтаа

матараахтаа (Якутский → Якутский)

матар диэнтэн атаах. [Эриэн Бэргэһэ:] Бокуонньук, дьэ, өй-мэйии, т ы л - ө с к и һ и э т э. Т у у т у н балыгын аҥаарын миэхэ биэрээхтиирэ, туһаҕын куобаҕыттан, тиргэтин куһут тан да матараахтаабата. И. Г оголев

сүпсүгүнэс

сүпсүгүнэс (Якутский → Якутский)

сүпсүгүнэй диэнтэн холб. туһ. Сотору буолан баран, кыргыттар билиэттээхтэр эбит — киинэҕэ бараары сүпсүгүнэһэ түстүлэр. В. Яковлев
Били мин уолаттарым эрэйдээхтэр эмиэ, үлэ-хамнас, оонньуукөр дии-дии, күнүстэри-түүннэри сүпсүгүнэһэн биэрээхтииллэрэ. Г. Колесов
«Кэлбит дьон олохтоохтору мунньан кэпсэтэллэр үһү», — диэн түһүлгэ иһигэр сүпсүгүнэстилэр. П. Ламутскай (тылб.)

тоҥсукка

тоҥсукка (Якутский → Якутский)

сыһ. Сонуҥҥа, сонурҕатан эбэтэр ас бараммыт кэмигэр (сиэ). В новинку или в определённое время (когда кончаются запасы — есть что-л.)
[Дьуона:] Бу кыра балык оҕото аҕаллым, тоҥсукка. Суорун Омоллоон
Тоҥсукка сиэҕэ диэхтээммин Дьаабылыка биэрээхтиибин! В. Чиряев
Бэс үөрэтэ үчүгэйдик астаннаҕына, тоҥсукка сииргэ син эбитэ буолуо. «ББ»

эйээрбэхтээ

эйээрбэхтээ (Якутский → Якутский)

эйээр диэнтэн тиэт
көрүҥ. Дьэ эрэ, Куппун-сүрбүн иҥэрбит Кустуктаана доҕорбор Эйээрбэхтиир тойугуҥ Эгэлгэлээх тылынан Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээн-этэн биэрээхтээ! С. Васильев
Эдэрдэр бэйэлэрин эрчимнэринэн быыппастан «Под крылом самолета…» — диэн ыллаан эйээрбэхтээтилэр. П. Аввакумов
Эбирдьарҕаа киэргэллээх, Эрбийэлиир кынаттаах, Эҥсэр үгүс тойуктаах Ээбиллэлиир көтөрдөр Эйээрбэхтээн эрэллэр. С. Дадаскинов

быгыахтаа

быгыахтаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Долгун курдук биир тэҥник хамсаа, көбүөхтээ, көппөҥнөө. Равномерно колыхаться, качаться, шевелиться
Дьалкыйбыт күөллэрин долгуна Аҕылаан быгыахтыыр курдуга. Минньийбит салгына Сабыта биэрээхтии турдаҕа. Эрилик Эристиин
Сир кырса ирэн быллыргыы, быгыахтыы сытар. М. Попов
Гоша сиргэ умса түһэ сытан ытаан быгыахтаата. Г. Колесов
2
быгыалаа диэн курдук. Уу үрдээтэр үрдээн билгэһийдэ, онтон быһыт икки кытыытынан быгыахтаата. Амма Аччыгыйа
Илиҥҥи-арҕааҥҥы эҥээртэн Быгыахтыыр сидьиҥтэн Ийэ сир көҥүлүн көмүскээн, Кытаатыҥ эрэттээр! А. Абаҕыыныскай
Урут соччо ылларбатах баҕата — санааны суурайыах, дьэгдьийэ чэччилии түһэн ылыах, биир эмэ табаарыһын-доҕорун көрсүөх баҕата быгыахтаан кэлэ турара. В. Яковлев

кистэлэҥнээх

кистэлэҥнээх (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Атыттарга биллэриллибэт, кистэлэҥ. Имеющий тайну, секретный (о деле)
    Миша улахан кистэлэҥнээх дьыаланы этэрдии, Сережаны көрүдүөргэ ыҥыран таһааран, сибигинэйэн эттэ. Н. Лугинов
    Ити туохтааҕар да сэрэхтээх, кистэлэҥнээх «Байыаннай таайына» диэн буолар. Н. Якутскай
  2. Киһи бэйэтэ иһигэр тута сылдьар, кимиэхэ да кэпсээбэт, истиҥ. Тайный, сокровенный (о желании, мысли)
    Оҕонньор тойонугар көмөлөһөөччү, аҕабыыт саамай кистэлэҥнээх ыйытыытын этэн тоҕо барар. Амма Аччыгыйа
    Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээн-этэн биэрээхтээ! С. Васильев
  3. Биллибэт дьиктилээх, таайыллыбат таабырыннаах. Таинственный, загадочный (о месте)
    Кистэлэҥнээх арыы. Кистэлэҥнээх күөл. — [Оҕо эрдэххэ] олох …… дьиктилээхэй кистэлэҥнээх туманынан тунаарара, умсугута угуйара. Н. Лугинов
    Мин эһигини ханна да ыраах дойдуларга, көҕөрөр муоралар кистэлэҥнээх хоннохторугар …… ыҥырбаппын. Н. Габышев
    Сахам сирэ барахсан! Эн бараммат барҕа баайдааххын, киһи билэ илик кэмэ суох кистэлэҥнэрдээххин. И. Никифоров
  4. аат суолт.
  5. Ситэ өйдөммөт, биллибэт туох эмэ дьикти. Тайна, таинство, загадка
    Киэһэрэн чуумпурбут дуолларга, …… туох эрэ кистэлэҥнээҕи сипсиһээри кэтэспит чараҥнарга дууһаҕа ситэ өйдөнүллэ илик ис иэйиилэрбин кимиэхэ эрэ кэпсиэхпин баҕардым. Далан