1) имеющий тайну, секрет; 2) тайный, сокровенный; кистэлэҥнээх баҕа санаа сокровенная мечта; 3) таинственный, загадочный; кистэлэҥнээх арыы таинственный остров.
Якутский → Русский
кистэлэҥнээх
Якутский → Якутский
кистэлэҥнээх
- даҕ. Атыттарга биллэриллибэт, кистэлэҥ. ☉ Имеющий тайну, секретный (о деле)
Миша улахан кистэлэҥнээх дьыаланы этэрдии, Сережаны көрүдүөргэ ыҥыран таһааран, сибигинэйэн эттэ. Н. Лугинов
Ити туохтааҕар да сэрэхтээх, кистэлэҥнээх «Байыаннай таайына» диэн буолар. Н. Якутскай - Киһи бэйэтэ иһигэр тута сылдьар, кимиэхэ да кэпсээбэт, истиҥ. ☉ Тайный, сокровенный (о желании, мысли)
Оҕонньор тойонугар көмөлөһөөччү, аҕабыыт саамай кистэлэҥнээх ыйытыытын этэн тоҕо барар. Амма Аччыгыйа
Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээн-этэн биэрээхтээ! С. Васильев - Биллибэт дьиктилээх, таайыллыбат таабырыннаах. ☉ Таинственный, загадочный (о месте)
Кистэлэҥнээх арыы. Кистэлэҥнээх күөл. — [Оҕо эрдэххэ] олох …… дьиктилээхэй кистэлэҥнээх туманынан тунаарара, умсугута угуйара. Н. Лугинов
Мин эһигини ханна да ыраах дойдуларга, көҕөрөр муоралар кистэлэҥнээх хоннохторугар …… ыҥырбаппын. Н. Габышев
Сахам сирэ барахсан! Эн бараммат барҕа баайдааххын, киһи билэ илик кэмэ суох кистэлэҥнэрдээххин. И. Никифоров - аат суолт.
- Ситэ өйдөммөт, биллибэт туох эмэ дьикти. ☉ Тайна, таинство, загадка
Киэһэрэн чуумпурбут дуолларга, …… туох эрэ кистэлэҥнээҕи сипсиһээри кэтэспит чараҥнарга дууһаҕа ситэ өйдөнүллэ илик ис иэйиилэрбин кимиэхэ эрэ кэпсиэхпин баҕардым. Далан
Еще переводы: