Якутские буквы:

Якутский → Якутский

борогууллаа

туохт. Киһи ылынар сылтаҕа суох үлэ күнүн (чааһын) эбэтэр үөрэҕи көтүт. Не являться на работу, на занятия без уважительных причин, прогуливать
Бу эн туох буолбут киһигиний? Анаммыт үлэҕэр бар, ону-маны сылтахтана-сылтахтана, борогууллуу сылдьыма. С. Ефремов

Якутский → Русский

борогууллаа=

прогуливать, совершать прогул; пропускать (напр. урок); хаһан да борогууллаабат он никогда не прогуливает.


Еще переводы:

борогууллааһын

борогууллааһын (Якутский → Русский)

и. д. от борогууллаа = прогул; борогууллааһыны утары охсуһуу борьба с прогулами.

борогууллан=

борогууллан= (Якутский → Русский)

страд. от борогууллаа=; элбэх үлэ күнэ борогуулланна пропущено много рабочих дней.

борогууллааһын

борогууллааһын (Якутский → Якутский)

борогууллаа диэнтэн хай
аата. Каадырдар кэлэбара туруулара үгүс, үлэ уонна технологическай дьиссипилиинэлэтин кэһии, борогууллааһын, үлэҕэ хойутааһын, эрдэ барыы чахчылара элбэхтэр. «Кыым»
Салайааччы дьаһалын көтүмэхтик толоруу, үлэҕэ хойутааһын биитэр үлэттэн эрдэ барыы, борогууллааһын эмиэ үлэ дьиссипилиинэтин кэһии буолаллар. СГПТ

борогууллат

борогууллат (Якутский → Якутский)

борогууллаа диэнтэн дьаһ
туһ. Хоодуотап эн бэйэҥ борогууллата сылдьар буолбаккын дуо? С. Ефремов

кирииптээ

кирииптээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кириип ыарыыга ыллар. Заболеть гриппом
[Спиридонов:] Кирииптээтим быһыылаах. Суорун Омоллоон
Кини борогууллаатар эрэ, «Кирииптээн» ыалдьар идэлээх. П. Тобуруокап
Иччиҥ эйиэнэ кирииптээн, Ииҥҥэ кииртин иһиттим. Таллан Бүрэ

тииһис

тииһис (Якутский → Якутский)

тииһин диэнтэн холб. туһ. Ол уйгуттан тииһиспит, онтон борогууллаабыт Баһылайдаах Өлөксөй …… күһэллэн, арыгыларын эмтэтэн тахсыбыттара. Э. Соколов
Урут …… пьесаҕа оруолга тииһиспэккэ, ол былдьаһыга буолара дии. «ХС»

прогул

прогул (Русский → Якутский)

м. борогуул, борогууллааһын; вынужденный прогул күһэллиилээх борогуул.

прогуливает

прогуливает (Русский → Якутский)

гл
үлэтин быраҕан күүлэйдии сылдьар, борогууллуур

хойутааһын

хойутааһын (Якутский → Якутский)

хойутаа диэнтэн хай. аата. Уруокка хойутааһын
Биһиэхэ ардыгар хойутааһын, эрдэлээһин, тиэтэйии тахсыталыыр
Үнүрүүн Феня бостуугу кытта саҥарсыыта эмиэ онтон тахсыбыта. С. Окоёмов
Салайааччы дьаһалын көтүмэхтик толоруу, үлэҕэ хойутааһын биитэр үлэттэн эрдэ барыы, борогууллааһын эмиэ үлэ дьиссипилиинэтин кэһии буолар. СГПТ

хоҥоруу

хоҥоруу (Якутский → Якутский)

көр хоҥуруу
Таня туустаах турунуопуһу уунан биэрдэ. Ынаҕа хоҥоруута ньолойон, эргиллэн ылла уонна минньигэһиргээн салбанна. М. Доҕордуурап
Былырыын маҥнай эрэ оччо тугу да хоҥорууларыгар хоҥнорбокко, дэҥҥэ устудьуоннуу үгэстэринэн сарсыарда хойутаан киэһэ эрдэлээн, арыт адьас да борогууллаан кэбиһэллэрэ. Н. Лугинов