тыаһы үт. туохт. Кыра хаптаҕай туох эмэ маллар бэйэбэйэлэригэр охсуллалларын курдук тыаһы таһаар; тэҥ арыттаахтык «халыр-халыр» тыаһаа. ☉ Брякать, звякать (напр., о плоских небольших металлических предметах); дробно постукивать
[Манчаары] илиитэ-атаҕа хас хамсаатаҕын аайы халыргыыр хандалыга тиһиллибиттэр. Софр. Данилов
Остуол чаһыта, туга эрэ босхо барбыт курдук, улаханнык халыргыы тыаһыыра. В. Яковлев
Аан тыаһа, эмиэ халырҕаан баран, аһылла түстэ. Эрилик Эристиин
Сиэбигэр харчыта халырҕаата. ЯРС
ср. алт. калыра ‘громыхать, греметь, грохотать, брякать’