даҕ., көсп. Туох эмэ (үксүгэр, куһаҕан) буоларыгар төрүөт, сылтах буолар. ☉ Служащий причиной чего-л., поводом для чего-л. (преимущественно дурного)
Мин, Арастаал үлүгэр быалаах, Үүнүүлээх оту үллэччи тиэйэн, Өлүүгэ түстүм... Эллэй
[Дьаамнаах:] Михаиллаах Тоҕо төннүбэтэхтэрэ буолла, өлөр быалаах буоллахтара. С. Ефремов
◊ Быалаах кинигэ эргэр. — улахан суолталаах испииһэги суруйар сурунаал (быанан тиһэ анньан баран сургуустаммыт лиистэрдээх). ☉ Штрафной журнал
Таҥара дьиэтигэр быалаах кинигэҕэ астарарга тээтэҕэ уон биэс буут дьаарыссаны бэриллэр. Эрилик Эристиин. Быалаах кэрэмэс — орохтоох систээх кэрэмэс саһыл. ☉ Сиводушка (помесь черно-бурой и рыжей лисицы) с поводом (полосою) на спине
Кыһыл саһыл кыалыктаах, хара саһыл хаппардаах, Быалаах кэрэмэс кымньыылаах Ойдоох буурай оонньуулаах Баай Барыылаах Тойон эһэм! Өксөкүлээх Өлөксөй
Якутский → Якутский
быалаах
Еще переводы: