- даҕ. Кэлимэ суох, быста-быста кэлэр. ☉ Несплошной, прерывистый
Быа курдук быстаҕас былыттан Бытааннык айанныыр ый быкпыт. Күннүк Уурастыырап
Быстаҕас былыттар бэрт бытааннык усталлар, кинилэр күлүктэрэ үрэх күөлүн устун сыыллаллар. В. Протодьяконов
Халлаан быстаҕас былыттаах быһыылаах, онон-манан сулустар көстөллөр. М. Попов - аат суолт. Туох эмэ (хол., быа, таҥас о. д. а.) быһыллыбыт сороҕо. ☉ Отрезок, обрывок чего-л.. Быа быстаҕаһа
□ Оҕонньор тэлиэскэҕэ эргэ көстүрүүҥкэни, тумса суох чаанньыктары, дьэбиннирбит миискэлэри, боробулуоха быстаҕаһын тиэйэн тардан иһэрэ. Ю. Чернов (тылб.)
Якутский → Якутский
быстаҕас
Еще переводы: