Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэдьэй

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэнник кыараҕастык, атыллаан сиэл, сүүр. Бежать трусцой
Миитэрэй оҕонньор атах сыгынньах бэдьэйэн кэлэн, ааны сабан хатаата, оронугар ааһан иһэн, чүмэчини саба үрдэ. Софр. Данилов
Бириэмэни сүүйээри, Слепцов түргэнник хаамар, арыт бэдьэйэн ылар. В. Яковлев
Онтон Роман улам түргэтээн, кэнникинэн сүүрэн бэдьэйэн барда. КИС АаДЧ
Аҕыйах миэтэрэни бэдьэйээт, аҕылаатым. «ХС». Тэҥн. бэдьэҥэлээ

Якутский → Русский

бэдьэй=

образн. идти медленно мелкими шажками; сүүрэн бэдьэй = бежать мелкими шажками.


Еще переводы:

лиһиччэхтэт

лиһиччэхтэт (Якутский → Якутский)

лиһиччэхтээ диэн тэн дьаһ
туһ. Сиргэмтэх ат арҕаһыгар олороммун, Бэдьэйэ сиэллэрэбин, Хаамтаран лиһиччэхтэтэбин. Н. Босиков

трусить

трусить (Русский → Якутский)

II несов. разг. 1. (бежать рысцойо животных) сэлбэй, сэппэҥ сэлиинэн сиэл; 2. (ехать рысцой) сэлбэт, сэлбэҥинэн айаннаа; 3. (идти мелким шагом) бэдьэй, бэдьэйэ сүүр.

бэдьэйбэхтээ

бэдьэйбэхтээ (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кытыытыгар тиит хатырыга тохтубут мочоох суолунан бэдьэйбэхтээт, эмиэ тохтоото, кулгааҕын сэгэтэн эргичийбэхтээтэ. Софр. Данилов

бэдьэрий

бэдьэрий (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн хамс
көстүү. Хохлов бааһына диэки, бастаан сэрэммит курдук, онтон улам түргэтээн, кэлин сүүрэ былаастаан, бэдьэрийэ турда. Д. Кустуров

бэдьэҥкэлээ

бэдьэҥкэлээ (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Ойуун] аҕыйах аҕайдык кутуран куллуһутан, аҕыйахтык бэдьэҥкэлээн баран, Амма үрдүк хайатын үрдүгэр тахсыбыт аатырар. Р. Кулаковскай

бэдьэт

бэдьэт (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн дьаһ
туһ. Бэдьэтэн, сэгэтэн мин тиийиэм Ахтар алааһым чараҥар, Уон аҕыс саастаахпар мин ийэм Сайыһа хаалбыт аартыгар. С. Данилов

бэдьэс

бэдьэс (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн холб. туһ. Ол дойду Улай оройугар, Бэдэр саҥыйахтаах Бэйбэрикээн эмээхситтэр Битии битийээри Бэдьэһэн эрэллэрин курдук, Бэрдьигэс мастардаах Ааттаах алаас Айыллан үөскээбит эбит. С. Васильев

бэдьэҥнээ

бэдьэҥнээ (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Көрүдүөргэ киирэн баран, ханна барыан булбакка, уллаһыктаах сиэрэй хаатыҥкатынан аан кырыатын тэпсэн, биир сиргэ бэдьэҥнии турда. «ХС»
[Ойуун] кэһиэхтээх сөҥ куолаһынан кутуран ордоотуу, биир сиргэ бэдьэҥнии, битийэ турбута. Тумарча

бэдьэһий

бэдьэһий (Якутский → Якутский)

бэдьэй диэнтэн хамс
көстүү. «Бу бүгүн сыта сыҥсаар буоламмын, арааһа, түөс-маас бара сыстым дуу, хайа үөдэн дуу», — Өлөксөй оҕонньор тура эккирээн, саллаат уолга бэдьэһийэн кэллэ. П. Аввакумов
Оҕонньор бэдьэһийэн кэлэн, сарыы үтүлүктээх илиитинэн ыты көтөҕөн таһааран туһаҕыттан босхолообута. Далан

сиргэмтэх

сиргэмтэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Үргүүк, куттанымтыа (сылгы). Пугливый (о лошади)
Сылгыһыт …… сымнаҕас олохтоох сиргэмтэҕэ суох, туругас, иччитимсэх икки аттаах буолара ордук. АПН ӨСС
Халтарымтаҕай, Сиргэмтэх ат арҕаһыгар олороммун Бэдьэйэ сиэллэрэбин. «ХС»
Туттара-хаптара сиргэмтэх сылгылыы дьигиҥнэс-дьаҕыҥнас толоос буолла. «ХС»