Якутские буквы:

Якутский → Русский

бэргэһэлээх

1) имеющий шапку, носящий шапку, в...шапке; 2) венчанный; бэргэһэлээх ойох уст. законная жена; бэргэһэтэ суох не венчанный.

Якутский → Якутский

бэргэһэлээх

бэргэһэлээх ойох (эр) — таҥара дьиэтин сиэринэн-туомунан кэргэн буолбут. Венчанный, вступивший в брак (по церковному обряду)
[Сэмэн:] Кулуба, мин бэргэһэлээх сокуоннай ойоҕум бу олорор эбит. А. Софронов
[Дэдээһэп:] Бу иккис дьахтар бэргэһэлээх сокуоннай эриттэн араҕан, кыһыллары батыһа сылдьар. Эрилик Эристиин
Наһаа намыйымаҥ, Ордук туттумаҥ, Бэргэһэлээх ойох Баһын билбэтэҕим иннигэр, Сүрэхтээх оҕо Дьүһүнүн көрбөтөҕүм иннигэр Кириэһинэй миэрэлээх Киһи баар этим. Саха нар. ыр. II


Еще переводы:

чуочас гын

чуочас гын (Якутский → Якутский)

чуочай диэнтэн көстө түһүү. Чомпой, хороох бэргэһэлээх Тоҕус буойун саллааттар Чурумчуку иннигэр Чуочас гына түстүлэр. Эллэй

болтуо

болтуо (Якутский → Якутский)

аат. Халтаҥ сон. Пальто
Куонаан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев
Болтуолаах киһи ааһан эрэрэ. Амма Аччыгыйа
Кылгас болтуолаах, андаатар бэргэһэлээх Дьөгүөссэ тахсан кэллэ. В. Протодьяконов

бэспэрис

бэспэрис (Якутский → Якутский)

бэспэрий диэнтэн холб. туһ. Таба, ыт саҕынньахтаах, уһун тыс этэрбэстээх, тииҥ, тугут бэргэһэлээх дьон тыаһа-ууһа суох бэспэриһэн киирэн туола түстүлэр. Амма Аччыгыйа

дьобдьуур

дьобдьуур (Якутский → Якутский)

көр дьогдьуур II
Ардыгар ол дьон ортолоругар дьобдьуурдаах сарыннардаах билиис сонноох уонна уһуктаах төбөлөөх бэргэһэлээх айан сахата эмиэ баар буолар. В. Короленко (тылб.)

мадьарыс гын

мадьарыс гын (Якутский → Якутский)

мадьарый диэнтэн көстө түһүү. Аргыылаптаах балаҕаннарыгар бэдэр бэргэһэлээх, б ө р ө с а ҥ ыйахтаах саалаах киһи мадьарыс гына түстэ. Софр. Данилов

ньолборхой

ньолборхой (Якутский → Якутский)

ньолбоҕор диэн курдук
Үрдүк сэлээппэ бэргэһэлээх, уһун дыраҕар быһыылаах …… киһи хаҥас илиитигэр ньолборхой быһыылаах күөх чымадааны туппутунан пуойастан түстэ. Эрилик Эристиин

үүйүү

үүйүү (Якутский → Якутский)

үүй диэнтэн хай
аата. Гаврила оҕонньор сэлиэнньэҕэ илдьирийбит тулууптаах, иичикэтэ үүйүүлээх уонна истээх бэргэһэлээх кэлбитэ. БТТ
Дьэ, саамай эппиэттээҕэ диэххэ дуу, тууга сүрэх үҥэтин үүйүү буолар. Хомус Уйбаан

хоноо

хоноо (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Таба тириититтэн тигиллибит кылгас саҕынньах. Короткая оленья доха
Таһыттан чыҥкыл маҥан хоноолоох, уһун хара курумуулаах, буодьулаах бэргэһэлээх Валерий көтөн түстэ. ИН КК

хороҥноо

хороҥноо (Якутский → Якутский)

хорой I диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Хара бараан бэргэһэлээх киһи иннигэр бу хороҥноото. Болот Боотур
Кыһынын манна бөрө улуйар, кутуйаҕы тутаары кырынаас сыбыгырайар, титириктэргэ тииҥ хороҥнуур. И. Федосеев

ынтака

ынтака (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Иннинэнкэннинэн быанан бобо тардыллар ичигэс таба бэргэһэтэ. Тёплая шапка из оленьей шкуры, стягивающаяся по лицевой и шейной кромкам кожаными тесёмками для плотного прилегания к голове
Ийэм ынтака уонна испиир сыыһа ыытаахтаабыт. Суорун Омоллоон
Олохтоохтор таба ынтакаларын ыпсары баанан …… кэтэ сылдьаллар. «ХС»
Ынтака бэргэһэ көр ынтака
Киирбиппит — хотугулуу ынтака бэргэһэлээх, сирэйин тууна баанан, үтүлүк кэтэн баран тураахтыыр эбит. С. Руфов
Таһыттан Эйээндьэ эмээхсин сылдьырыйан киирдэ. Сабыс-саҥа күрүҥ тыс этэрбэстээх, сэнэх тугут ынтака бэргэһэлээх, кийиитин эргэ саҕынньаҕын кэппит. Болот Боотур
Кырса тулалаах ынтака бэргэһэлээх, хара быыһык сукуйдаах, курбуу курдук үрдүк, көнө уҥуохтаах кыыс хаарын тэбэнэн бурҕачытар. «ХС»