I
аат. Туһаайыы, хайысха. ☉ Сторона, направление
Сүрэҕин туһа буолуо диэн кыҥаан баран, тардан кэбистим. Т. Сметанин
[Дай Баһылай] айанныы-эргинэ биэс атынан Тайҕа туһа бу диэн күрүлэттэ. Н. Түгүнүүрэп
[Күн Эрили бухатыыр] Орто дойдум Туһа манан буолуо диэн Хааман халыһытта. С. Васильев
ср. др.-тюрк. туш ‘противолежащее место; напротив’, алт. туш ‘противолежащий; направление’
II
даҕ. Бэйэ бас билэр. ☉ Личный, индивидуальный, собственный
[Халандаардарын] тус толорооччу Микиитэ. Амма Аччыгыйа
Убайа тус суобаһа этэрин хоту сылдьыбыта. М. Ефимов
Уол тус олоҕор элбэх ыарахаттар үөскээбиттэрэ. «ХС»
◊ Тус бэйэ — бэйэҕэ эрэ сыһыаннаах, аналлаах. ☉ Личный, собственный
Тус бэйэм дьолбунааҕар Таптыыр кыыһым дьоло күндү. И. Гоголев
Кинигэ дьоруойдара тус бэйэлэрин тапталларынан эрэ муҥурданаллар. Н. Лугинов
Тус бэйэҥ оҕуруоккар Түүнү быһа уу тастыҥ. Баал Хабырыыс. Тус сыал- лаах — туохха эрэ туһуламмыт чопчу, анал сыаллаах. ☉ Обладающий конкретной целью. Тус сыаллаах үлэ. Тус туохтуур көр туохтуур. Тиэкистэн тус туохтууру булуҥ
ср. монг. тус ‘данный, этот; наш’
III
көмө аат.
1. Сыһыарыы түһүк форматыгар ким, туох эмэ оруобуна илин туһаайыытыгар атын предмет кэлэн тохтуурун, баар буоларын бэлиэтииргэ туттуллар. ☉ В форме дательно-местного падежа притяжательного склонения употребляется для обозначения направления действия, ориентированного на предмет речи, происходящего рядом с ним (впереди кого-чего-л., перед кем-чем-л.)
Микиитэ туһугар кэлээт, Бааса төбөтүнэн Микиитэ диэки сиэлийэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Мастар быыстарынан уоллаах кыыс сырсан элэҥнэһэн иһэн, кинилэр тустарыгар кэлэн тохтуу түстүлэр. Н. Лугинов
Мин туспар кэлээт, [кус] супту сурулаан аллара түстэ. А. Сыромятникова
2. Туттуу түһүк форматыгар ким, туох эмэ илин туһаайыытынан хайааһын оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. ☉ В форме орудного падежа притяжательного склонения употребляется для обозначения направления действия, ориентированного в сторону предмета речи (в направлении, по направлению к)
Сэрэйдэххэ, алааһа бу туһунан буолуохтаах. Ойуурунан быһалаата. И. Гоголев
Ортоку добууҥҥа баар арыы талахтар тустарынан көрбүтэ: бэрт аҕыйах үөттэр төбөлөрө бүк түһэн бүгүлэхтии тураллар. Эрилик Эристиин
Хараҕын туһунан кырыарбыт кылыы күөгэс гына түстэ. «ХС»