сегодняшний; бүгүҥҥү үлэ сегодняшняя работа.
Якутский → Русский
бүгүҥҥү
Якутский → Якутский
бүгүҥҥү
- даҕ. Субу буола турар күннээҕи. ☉ Сегодняшний. Бүгүҥҥү үлэ. Бүгүҥҥү сорук. Бүгүҥҥү олох
□ Мин дьиэбэр кэлэммин бүгүҥҥү кэпсэтиибин өйдүү, үөрэ сырыттым
«Бүгүҥҥү түбэлтэни биһиги өссө кылаас мунньаҕар сиһилии дьүүллэһиэхпит», — диэтэ Сергей Петрович. Софр. Данилов
Этиҥ астыа, сыллар ааһыахтара. Биһиги кырдьан олоруохпут, Бүгүҥҥү дьоруой — олоҥхо бухатыыра, Остуоруйа буолуо биһиги олохпут. С. Данилов - аат суолт. Буола турар күн. ☉ Сегодняшний день
Бэтэрээнэн эттэххэ, бээһээҥҥиттэн бүгүҥҥү, Бүгүҥҥүттэн сарсыҥҥы Бүтэй ордо туруохтаах. Күннүк Уурастыырап
Бэҕэһээтэ суох бүгүҥҥүнү Ол иһин хотон өйдөөбөккүн! Оттон сарсыны, өйүүҥҥүнү Бүгүнэ суох өтө көрбөккүн! Баал Хабырыыс
Еще переводы: