нареч. кэнники, хойут; впоследствии он узнает об этом ити туһунан кини кэнники билиэҕэ.
Русский → Якутский
впоследствии
Еще переводы:
айгыраа= (Якутский → Русский)
1) уст. звенеть, бренчать; чуораан тыаһа айгырыыр звенит колокольчик; 2) расшатываться; айгыраабыт уһаат рассохшаяся кадка; кэнники олоҕо айгыраабыта перен. впоследствии в его жизни ничего не ладилось (букв. впоследствии его жизнь расшаталась); 3) см. айгыһын =.
кэнэҕэс (Якутский → Якутский)
сыһ. Туох эмэ кэлин түмүгэр, кэлэр кэскилигэр, хойутун хойут. ☉ В будущем, потом когда-нибудь, впоследствии
Кыраҕыттан эрэйимуҥу биллэххинэ, кэнэҕэс бар дьон кыһалҕатын саныыр киһи буолуоҥ. М. Доҕордуурап
Кэнэҕэс, биһиги кэннибититтэн эһиги хаалан олоруоххут, үлэлиэххит турдаҕа. В. Яковлев. Өскө Августа кэнэҕэс бу дойдуну кэлэн көрөн барар буоллун? А. Федоров
ср. уйг. киниҥэ ‘будущий’
суойуулаах (Якутский → Якутский)
даҕ. Кэнникинэн билиннэрэр, кэнникинэн таайар (туох эмэ дьайыыта). ☉ Проявляющийся, обнаруживающийся впоследствии (напр., о результате какого-л. действия)
Уһун сиргэ айаҥҥа оргууй барар суойуулаах. П. Тобуруокап
Хонтуруолу, бэрэбиэркэни Хойутаппакка ыытар, Суойуулаах дьайыылаах, Суһал хамсатыылаах Баһылык түөтэ диэн Маннык буолар эбит. Р. Баҕатаайыскай
Атыттар эмиэ аһаан кимиритэн бардылар. Айан суойуулаах, аччыктаабыттар. «ХС»
хойут (Якутский → Якутский)
I
сыһ.
1. Ханнык эмэ кэм (сарсыарда, киэһэ, түүн) бүтэһигэр эбэтэр туох эмэ буолар кэмин тиһэҕэр. ☉ К исходу какого-л. времени (дня, вечера, ночи) или по окончании какого-л. действия, поздно
Жирков урут хаһан да бачча хойут оскуолаҕа киирэ сылдьыбат этэ. Н. Якутскай
Никита хоһугар киэһэ хойут, уолаттар утуйбуттарын кэннэ, кэлэрэ. Н. Лугинов
Түүн хойут утуйааччы, сарсыарда эрдэ турааччы эн буолаҕын. М. Доҕордуурап
Үлэһиттэр хойут тарҕастылар. С. Васильев
2. Кэлин, кэнники, тохтуу түһэн баран. ☉ Потом, после, в будущем, впоследствии
Эдэр эрдэххэ өлөр-кырдьар туһунан санаммат эбээт, үксүгэр, чэ, бэйи, хойут диэн иһэҕин. Амма Аччыгыйа
Бу биһиэхэ үтүөнү оҥорбуккун хойут биһиги да үтүөнэн боруостуохпут, доҕор! Ньургун Боотур
Хойут олох кэҥээн, бар дьон сайдан, билиикөрүү үксээн истэҕин аайы, биллибэтинэн-көстүбэтинэн саха тыла байыа, элбиэ. Эрилик Эристиин
Хойут, кэмниэ-кэнэҕэс, барыта ааспытын кэннэ өй киирэн, инньэ диэминэбин диэн абаланан хаалааччы. Н. Заболоцкай
ср. монг. хойт ‘следующий, последующий’, хождох ‘опаздывать, отставать’
II
сыһ. дьөһ. Бириэмэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын кимтэн, туохтан эмэ кэнники оҥоһулларын бэлиэтиир (таһ. түһүгү кытта тут-лар). ☉ Обозначает кого-что-л., вслед за которым совершается действие: после, позже (употр. с исх. п.). Кини миигиттэн хойут оскуолаҕа киирбитэ
□ Атырдьах ыйын иккис декадатыттан хойут күн-дьыл биллэ күһүҥҥүтүйэн барар. «Кыым»
таай (Якутский → Якутский)
I
туохт.
1. Тугу эмэ ханнык эмэ бэлиэлэринэн сирдэтэн сөптөөҕүн, ис дьиҥин быһаар, бил, таба эт. ☉ Догадаться по каким-л. признакам и высказать правильное предположение о чём-л., угадать, отгадать. Таабырынна таай
□ Кэрэ санаам кэҕиннэ — Кэлэр-барар суолбун булбатым, Далай санаам татыарыйда — Тахсар-киирэр сирбин таайбатым. А. Софронов
Миитэрэй кими эмэ үтүктэн туттан-хаптан, көрөн-истэн киирэн кэллэҕинэ, дьиэҕэ олорооччулар бары таайан айдаара тоһуйаллар. Амма Аччыгыйа
Суол былаһын тухары бааһырыым хайдаҕын таайа сатаабытым. Н. Якутскай
Кини хас да хонно — тиһэх күннэрэ кэлбитин таайбыта. Н. Габышев
△ Тугунан эмэ сирдэтэн дьон санаатын сөпкө сэрэй, тугу эмэ таба эт. ☉ По каким-л. признакам угадать мысль другого, догадаться о чём-л., смекнуть
«Мин өйбүнэн аатырыам суоҕа, хааннаах болотунан аатырыам, онон сөпкө да таайда», — диэн ах баран олордо. П. Ойуунускай. Тороев санаабыт санаатын таайбыт курдук Чуура эттэ: «Бу ураһа хотуна — мин… Абыраамап этэринии мин манна сарыыссабын!» Л. Попов
Ардай аһыылаахтар, бадаҕа, Ас тахсыаҕын таайдахтара. С. Данилов
2. Чахчытын билбэккэ эрэ сэрэйэн быһаар; көхсүгүнэн, сүрэххинэн сэрэй. ☉ Не зная наверняка, догадаться о чём-л.; предчувствовать что-л., понять чутьём
[Бургунаһым] айыы сүөһүтэ, баҕар, сүрэҕэ-быара таайара буолуо [мин өлөрөөрү гынарбын]. А. Софронов
Түбэ нэһилиэгэр Сэпсики диэн туохха да холобура суох баай киһи баар. Быһа таайан эттэххэ, аҕыс уонча сүөһүлээх буолуо. Күндэ
ср. бур. тааха, монг. таах, эвенк. тааг ‘гадать, отгадать, разгадать’
II
туохт. Дьай, сабыдыаллаа, содуллаах буол (ким эрэ урут оҥорбута эбэтэр эрэйдэммитэ билиҥҥи кэмҥэ дьайара). ☉ Отразиться на чём-л., сказаться каким-л. образом впоследствии (напр., о прошлых невзгодах)
Аҕам үйэтин тухары этигэр-хааныгар сүгэ сылдьыбыт эрэйэ-муҥа таайан, …… оронуттан кыайан турбат буолан хаалбыта. Эрилик Эристиин
Тихон дьиэтигэр тахсан кинигэ ааҕыах курдук гынан иһэн, бөлүүн хойут утуйбута, эрдэ турбута таайан, утуйан хаалла. Н. Босиков
Оҕонньоттор күнүскү сылаалара таайан, сотору үүтээн иһэ им-ньим барар. «Кыым»
♦ Айыыта таайар көр айыы III
Айыылаах дууһа айыыта таайдаҕа, дэлэ дьаабыламмат буолара. Күннүк Уурастыырап
Ол айыыта таайан [кыталыгы өлөрбүтэ], абааһылар кинини «улахан ыарыы» буолан киирэннэр сииллэр. Багдарыын Сүлбэ
Сүрэҕэ, сүрэҕинэн (көхсө, көхсүнэн, кута-сүрэ) сэрэйэр (таайар) — сүрэҕэ сэрэйэр (таайар) диэн курдук (көр сүрэх). Кини, киэҥ тайҕа оҕото, сүрэҕинэн таайан, хараҕынан сабаҕалаан, туһаайбыт тосхолун эндэппэт эбит. Амма Аччыгыйа
Киһитэ тугу этэрин истибэтэр даҕаны, көмөлөс диирин сүрэҕэ таайда. А. Сыромятникова
Бу аанньанан дьааһыйбат, содуллаах тэлэгирээмэ буолуоҕун Батурин көхсүнэн таайа, ытырыктата саныы олордоҕуна, төлөпүөн кырылаан кэлбитэ. В. Яковлев
Бу икки киһи атын-атын санаалаахтарын кини [Анньыыска] көхсө таайар. А. Сыромятникова
Баҕар, холкуоһа кинини үчүгэйдик санаан, ыал буоллун, киһи буоллун диэн сүөһүлээбитин кута-сүрэ таайа санаабыта буолуо. М. Доҕордуурап
◊ Өтө таайар көр өтө
Хомолтонон туолбут үтүөкэннээх хараҕын көрүүтүттэн кини санаатын Иванов өтө таайда. Амма Аччыгыйа
[Дьиэлээх] өтө таайда быһыылаах харааччы утаппыппын. И. Гоголев
Мин санаабын өтө таайбыт курдук эмискэ эттэ. Н. Габышев
III
аат. Киһиэхэ ийэтин быраата, убайа; уопсайынан ийэтин аймаҕа эр киһи. ☉ Дядя (обычно брат матери; вся родня мужкого пола по материнской линии)
Бу Дьүлэй уустара — Платон төрөөбүт таайдара. Суорун Омоллоон
Костя уончатыгар диэри таайын аахха иитиллибит. П. Филиппов
Аркадий үөрэҕэр мөлтөөн, …… истипиэндьийэтэ суох буолан, өссө икки ый таайыгар олоорто. Н. Габышев
др.-тюрк. таҕай, тюрк. таай, тай, таҕа, дайы