сов. что 1. (сделат.ь углубление) хас; 2. (извлечь роя) хаһан ыл; вырыть камень тааһы хаһан ыл.
Русский → Якутский
вырыть
Еще переводы:
вырывать (Русский → Якутский)
II несов. см. вырыть.
холлороон (Якутский → Русский)
1) траншея; холлороонно хас = вырыть траншею; 2) подземный ход, проход под землёй.
дирингник (Якутский → Русский)
глубоко; дириҥник тыынна он глубоко вздохнул; дириҥник хас = вырыть глубоко (напр. яму, котлован).
ордуулан= (Якутский → Русский)
1) вырыть нору (себе); иметь логово, логовище; 2) перен. облюбовать место (обитания), поселиться и жить безвыездно (обычно далеко, на отшибе).
отрыть (Русский → Якутский)
сов. 1. что (вырыть) хас; отрыть окоп окуопата хас; 2. кого-что (извлечь) хаһан таһаар, хаһаи ыл; отрыть пострадавших при обвале сиҥниигэ баттаппыттары хаһан таһаар.
выкопать (Русский → Якутский)
сов. что 1. (вырыть) хас; 2. (копая вынуть) хостоо, хаһан таһаар; 3. перен. разг. хаһан бул, булан ыл; откуда ты выкопал эту книгу? бу кинигэни хантан хапан буллуҥ?
яма (Русский → Якутский)
ж. 1. (углубление в земле) дьаама, иин; вырыть яму дьаамата хас; 2. перен. иин, түҥкэтэх сир; # рыть яму кому-л. киһиэхэ ииннэ хас (куһаҕаны оҥор, өһөө).
арҕахтаа (Якутский → Якутский)
туохт. Арҕахта хас. ☉ Вырыть берлогу
[Эһэ] мутукча түһүөн уонна арҕахха киириэн лаппа иннинэ, эргийэригэр холоон туруору соҕус гына арҕах хастан бэлэмнэнэр. Ардыгар маар хабайар-хаба ортотугар арҕахтыыр. ПАК ЭТ
ордуулан (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Уйалан, хорооннон (бытархай кыыллар, хол., күтэр туһунан этэргэ). ☉ Вырыть нору (напр., о водяной крысе); иметь логово, логовище
Бу ыарҕаҕа, арааһа, уонча кырынаас ордууламмыт быһыылаах. Амма Аччыгыйа
2. көсп. Ханна эмэ сөбүлээн олохсуй; ыраазынан дугуйданан, ыырданан сырыт. ☉ Поселиться на отшибе, облюбовать какой-л. отдалённый уголок
Кини [Иҥнэри Дьарааһын] манна Сургууһут көмөтүнэн туохха да көстүбэккэ тыаҕа, хонууга ордууланан …… сылдьара. Д. Таас
Кинилэр дьиэлэрэ арыгыһыттар, хаартыһыттар ордууланар сирдэрэ буолар. Кэпсээннэр
дьиэлэн (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Туспа, бэйэҥ бас билэр, олорор тутуулан. ☉ Обзавестись собственным жильем (жилым помещением)
Муҥ саатар, өлөр үйэбэр, кырдьар сааспар бас билэр дьиэлэнэн көрүүм. Софр. Данилов
Ыраах үрэхтэринэн бултуурга, үүтээннэргэ дьиэлэнэргэ кини, Тогойкин, бэйэтэ төлөннөөхтүк аҕытаассыйалыыр этэ. Амма Аччыгыйа
Хас саҥа ыал туспа дьиэлэнэргэ кыһанар. И. Аргунов
2. Кэргэннэн, туспа ыал буол. ☉ Обзаводиться семьей, жениться или выходить замуж
[Дьаакып:] Үчүгэй суол буоллаҕа дии - хата тыыннаахпар эн дьиэлэммиккин көрөн хаалыам! А. Софронов
Эттээх бууппун эрэнэммин Эргэ барбатах иэдээммин, Улаан ньуурбун улаатыннаран Олохпун булбатах муҥмун. Сирискэн өлүүгэ сиэтэммин Дьиэлэммэтэх эрэйбин. С. Зверев
3. Кэпсэтии быһыытынан эбэтэр куортамнаһан дьон дьиэтигэр олор. ☉ Снимать жилье у кого-л., квартировать
Өлөксөй оскуола аттынааҕы ыалга дьиэлэнэн олороро. В. Протодьяконов
Арыылаахтан Миитээ дьиэлэнэр Хоптолооҕо икки биэрэстэ сир. Е. Неймохов
[Уол] аҕата, ийэтэ нэһилиэккэ олороллор үһү. Оттон билигин куоракка убайын аахха дьиэлэнэ сылдьар эбит. М. Попов
4. көсп. Олохсуй. ☉ Обосноваться, проживать
Өтөр сүүрбэ сылын туолуо - түрмэ дьиэлэммитэ. Эллэй
Хонор хос анна да көстүмнэ, Хоргутар куоракка түһүмнэ, Холорук да буолан көстүмнэ Хоруобуйа хоонньо дьиэлэннэ. Эллэй
Оччоҕо ийэ тылым, ордук сэтэрэн, Олоҥхотун дойдутугар дьиэлэнэрэ, Ордук барҕаран, ордук киэркэйэн Алаастарым аайы дьиэрэйэрэ. С. Данилов
5. Ордуулан (кыыл туһунан). ☉ Вырыть, обустроить логово, нору (о зверях)
Бэл диэтэр бэдэр дьиэлэммит Бэс чагдаларбыт эниэлэригэр Дьэҥкир таас түннүгүнэн килэдийбит Дэриэбинэлэр дэлэйдилэр. С. Зверев
6. Тула тэйиччинэн сырдык иилэн (ый, күн туһунан). ☉ Быть окруженным светлым ореолом (о солнце и луне)
Ыйбыт дьиэлэммит. Уһун былыт кэлээри, хаардаары гынар быһыылаах. И. Никифоров
Үрүҥ күн барахсан дьиэлэнэр, Күн көнөтүк кыыһар буоллаҕына кураанныыр. Ардаары гыннаҕына күн дьиэлэнэр. «Кыым». «Ый дьиэлэммит, - диир булчут, - ол аата буурҕа түһээри гыннаҕа». Т. Одулок (тылб.)