Якутские буквы:

Русский → Якутский

администратор поступлений в местный бюджет

олохтоох бүддьүөккэ үп киириитин дьаһайааччы

в

предл
I (в. п.)
1. Туох оонньууну оонньууру бэлиэтииргэ туттуллар (играет в шахматы, в городки). 2. Кимиэхэ майгынныыры этэргэ (пошел в отца, в.мать, в сестру). 3. Туохха суулаабыты, кистээбити бэлиэтииргэ (завернул, спрятал в бумагу, в тряпку)
II (пр. п.)
1. Туох таҥастааҕы этэргэ туттуллар (в рукавицах, в платье). 2. Туох эмэ ханна буоларын бэлиэтииргэ (в пути, в жизни, в работе)

в

(во) предлог 1. с вин. п. (на вопрос "куда") =ҕа, иһигэр; войти в дом дьиэҕэ киир; поступить в университет университекка киир; 2. с предл. п. (на вопрос "где") =ҕа, иһигэр; жить в Москве Москва иһигэр олор, Москваҕа олор; учиться в университете университекка үөрэн; 3. с вин. и предл. п. (при определении внешних признаков, свойств, состояния, вида чего-л.) =лаах; рисунок в красках араас кырааскалаах ойуу; тетрадь в клетку клеткалаах тэтэрээт; 4. с вин. и предл. п. (для указания количества, размера, веса) =лаах; комната в двадцать метров сүүрбэ метрдээх хос; ценой в три рубля сыаната үс солкуобайдаах; 5. с вин. и предл. п. (при обозначении срока, момента) =ҕа, саҕана, иһигэр; в январе тохсун-ньуга; в полдень күн ортотугар, күн ортото; в один день биир күҥҥэ, биир күн иһигэр; 6. с вин. и предл. п. (для образования выражений, имеющих значение наречий) =ҕа, =гар (сороҕор туспа тылбаастаммат); в течение иһигэр, устатыгар, тухары; в случае, если оннук буолар түбэлтэтигэр, оннук буоллаҕына; в том числе ол иһигэр; в конце концов, тиһэҕэр тиийэн; 7. с вин. п. (при выражении изменения вида, состояния) =ҕа (үксүгэр туспа тылбаастаммат); превратить в пар паарга кубулут; изорвать в клочья сэмнэх оҥор, быһыта тыыт; превратить в развалины урусхал оҥор; 8. с вин. п. (при обозначении игры) =ҕа (үксүгэр туспа тылбаастаммат); играть в футбол футболга оонньоо, футболлаа; играть в карты хаарты оонньоо, хаартылаа; 9. с вин. п. (ради, для, с целью) =ан; сказать в шутку оонньоон эт; в насмешку күлүү гынан; 10. с вин. п. (со словом "раз" при сравнении) =нан; в три раза толще үс төгүлүнэн халыҥ; в два раза меньше икки төгүлүнэн кыра; 11. с вин. п. (при указании на семейное сходство) курдук; мальчик весь в отца уол үкчү аҕатын курдук; 12. с. предл. п~ (при обозначении расстояния) =ҕа (сороҕөр туспа тылбаастаммат); в двух километрах от города куораттан икки километрга; в двух шагах от меня миигиттэн икки хаамыыга; 13. с предл. п. (для обозначения избытка, преимущества, а также недостатка или разницы в отношении каких-л. предметов, явлений) =ҕа, =нан; выиграть в темпе тэтимҥэ сүүй; знаток в живописи живописка билээччи киһи; недостаток в средствах үбүнэн тутайыы, үп кэмчитэ; разница в годах саастарынан араас-тара; ошибка в пяти копейках биэс харчынан сыыһыы; 14. с предл. п. (при перечислении в сочетании с числ.) =нан; в-третьих үсүһүнэн; в-пятых бэсиһинэн.

в действительности

нареч.
дьиҥэ, дьиҥэр

в конце концов

нареч
кэмниэ кэнэҕэс, кэлин тиһэҕэр тиийэн

в течении

нареч.
устатыгар
в течении дня - күн устатыгар

в целом

нареч.
бүттүүнүн, уопсайынан

гарантии права на участие в местном референдуме

олохтоох референдумка кыттар быраабы мэктиэлээһин

дефекты в материалах

дьэппиэктэр, дьиэктэр (матырыйаал бэйэтин техническэй усулуобуйатыгар көрүллүбүт хаачыстыбатыгар химической састаабынан, биир кэлимсэтинэн, ньуурун туругунан, механическай онтон да атын уратыларынан сөп түбэспэт буолуута.)

зажигание в двигателях внутреннего сгорания

иһинээҕи умайыы (бензин эбэтэр гаас уматыгынан улэлиир ис умайыылаах хамсатааччы силииндирин иһигэр улэлиир булкааһык (рабочая смесь) умайыыта. Умайыы онно аналлаах чүмэчи элетрическэй кыымыттан саҕыллар.)

коэффициент перевода тракторных работ в условную пахоту

трактор үлэтин болдьох хорутууга кубулутуу коэффициена (трактор ыһыы кэмигэр толорор үгүс көрүетээх үлэтин түмэн көрдөрөргө, учуот-туурга туттуллар төгүллээччи усулуобунай сыыппара.)

посадка в системе вала

баал систиэмэтигэр олордуу (баал куустарар кээмэйэ уларыйбат, баалы кууһар кээмэй уларыйар олордуута. Холобура, электро-ыстаансыйа турбинатын баалын тас диаметрын уларытар табыллыбат, арай баал олорор тирэхтэрин баалы кууһар кээмэйдэрин уларытар табыгастаах уонна барыстаах.)

посадка в системе отверстия

ahaҕac систиэмэтигэр олордуу (кууһар кээмэй уларыйбат олордуута. Манных олордууга куустарар дэтээл кээмэйин уларыталлар. Бу ньыма киэнник туттуллар. Холобура, подшипник ис тиэрбэһин ис диаметрын уларытардааҕар баал тас диаметрын, ол аата куустарыллар кээмэйи уларытар быдан барыстаах уонна судургу.)

право на участие в местном референдуме

олохтоох референдумҥа кыттар быраап

право на участие в референдуме

референдумҥа кыттар быраап

сварка дуговая в защитных газах

харыстыыр гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (иһэрдии ордук тупсаҕай буоллун диэн төлөнү уонна уулларыллар металы гааһынан үрдэрэ-үрдэрэ иһэрдии. Сороҕор сиэтии сиигин сойуор диэри салгыы эмиэ гааһынан үрдэрэллэр.)

сварка дуговая в углекислом газе

углекислай гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (углекислай гааһы харыстыыр гаас быһыытынан туһанан иһэрдии.)

сектор в муниципальнай организации

муниципальнай тэриллии сиэктэрэ

цикл в технике

эргиир, хатыланыы (туһааннаах биир бэрээдэгинэн хатыланар хамсааһынын түмүгэр, холобура, сургуулук (поршень) сөптөөх бириэмэ аастаҕын аайы маҥнайгы балаһыанньатыгар эргиллиитэ.)

число передаточное в зубчатой передаче

тиистээх бэримтэ тиэрдэр чыыһылата (хамсатыллааччы уонна хамсатар көлөһөлер тиистэрин ахсааннарын сыһыана.)

в-пятых

вводн. ел. бэсиһинэн.

в-трётьих

веодн. ел. үсүһүнэн.

в-четвёртых

вводн. ел. төрдүһүнэн.

в, во

предл
I (в. п.)
төһөҕө буолбуту көрдөрөр предлог (в 10 часов - 10 чааска, во время урока - уруок кэмигэр, во время ледохода - муус барыыта; во время работы - улэ саҕана, үлэ кэмигэр; в течение 3-х дней - 3 күн устатыгар; в октябре - алтынньыга; в двадцатом веке - сүүрбэһис үйэҕэ)
туох эрэ иһигэр киирбити көрдөрөргө туттуллар (в лесу - тыаҕа, в чашку - чааскыга)
II (пр. п.)
иһигэр (в сумке - суумка иһигэр, суумкаҕа)

поедем в Табагу - Табаҕаҕа барыах;
поступил в школу - оскуоаҕа киирдэ;
он приедет в октябре - кини алтынньыга киэлиэҕэ;
в мешке - куул иһигэр

в=

(во=, въ=) приставка, суолтатынан: 1. туох эмэ иһигэр эбэтэр үрдүгэр түһайар хайааһыны бэлиэтиир туохтууру үөскэтэр, хол. входить киир, иһирдьэ киир; вбежать сүүрэн киир; 2. "-ся" эбиискэни кытта туохха эмэ болҕойор, толору бэринэр суолталаах туохтууру үөскэтэр, хол. вслушаться иһиллээ, болҕойон иһит; всмотреться болҕойон кор.

действительность

ж. действительность, баар чахчы, баар олох; современная действительность билиҥҥи баар чахчы; # в действительности дьиҥэр, дьиҥэ.

точь-в-точь

нареч. лоп, үүт түһэрэн, үүт--үкчү; он пересказал всё точь-в-точь, как было кини хайдах буолбутун курдук үүт түһэрэн кэпсээтэ.


Еще переводы:

воображаемый

воображаемый (Русский → Якутский)

  1. прич. от воображать; 2. прил. (не существующий в действительности) санааҕа эрэ баар.
санааҕа

санааҕа (Якутский → Русский)

модальное сл. 1) выражает то, что говорящий не уверен в получении положительных результатов и делает что-л. в утешение себе: санааҕа, манна эмиэ көрдүөххэ всё же и здесь надо поискать; 2) выражает кажущуюся действительность: халлаан, санааҕа, хайынна нёбо, кажется, раскололось (напр. при оглушительном громе).

реальность

реальность (Русский → Якутский)

ж. (действительность) реальность, баар чахчы; исходить из реальности баар чахчыга олоҕур.

самый

самый (Русский → Якутский)

мест А. (именно) су=, си=, с=; эта самая книга субу кинигэ; в этом самом месте субу сиргэ, саманна; 2. (как раз, прямо) саамай, олох, хара; усамого моря олох муора кытыытыгар; с самого утра хара сарсыардаттан; на самом ветру олох аһаҕас тыалга; в самом расцвете сил күүһүн-уоҕун муҥутуур үгэнигэр; 3. (сам по себе) бэйэтэ (да); достаточен самый факт - согласия сөбүлэспит чахчыта бэйэтэ да сөп; 4. (для образования превосх. ст.) самый хороший ордук үчүгэй; самый близкий друг ордук чугас доҕор; в самом деле 1) (в действительности) дьиҥэр; 2) (точно, правда) кырдьык, кырдьык даҕаны; на самом деле дьиҥэр; в самый раз разг. уот харахха, лоп курдук.

жизнь

жизнь (Русский → Якутский)

ж. 1. олох, тыын, тыыннаах буолуу; жизнь человека киһи олоҕо; борьба за жизнь тыыннаах буолар иһин охсуһуу; отдать жизнь за родину төрөөбүт дойдуҥ иһин тыыҥҥын биэр; лишить себя жизни тыыҥҥар тиин; 2. (продолжительность существования) олох, саас, тыыннаах сылдьыы; в течение всей жизни сааһын тухары; всю свою жизнь он отдал делу кини олоҕун бүтүннүүтүн үлэҕэ биэрбитэ; на склоне жизни кырдьар сааһыгар; при жизни тыыннааҕар; никогда в жизни сааспар биирдэ да; 3. (деятельность человека, общества) олох; общественная жизнь общественна" олох; культурная жизнь культурнай олох; 4. (реальная действительность) олох, баар олох; случай из жизни баар олохтон түбэлтэ; провести в жизнь решение быһаарыыны олоххо киллэр; 5. (оживление, деятельность) тыас-уус, барыы-кэлии, сэргэхсийии; улицы полны жизни уулуссаларга барыы-кэлии баһаам; жизнь в доме начинается рано тыас-уус дьиэҕэ эрдэттэн саҕаланар; жизнь так и кипит в нём кини сэргэхсийбитэ олус; # не на жизнь, а на смерть өлөр тыыны харыстаабакка, өлөрү-тиллэри кэрэйбэккэ; между жизнью и смертью өлөр-өлбөт ыккардынан; по гроб жизни тыыннаах тухары; подруга жизни олох доҕоро.

отразить

отразить (Русский → Якутский)

сов. 1. кого-что (отбить, отогнать) төттөрү оҕус, утары оҕус; отразить врага өстөөҕү төттөрү оҕус; 2. что (свет, звук и т. п.) тэйит; 3. что (воспроизвести изображение) көрдөр, түһэрэн көрдөр; зеркало отразило её улыбку сиэркилэ кини мичээрин түһэрэн көрдөрдө; 4. кого-что (выразить, показать) көрдөр, ойуулаан көрдөр; отразить действительность баар чахчыны көрдөр.

саайкалаа=

саайкалаа= (Якутский → Русский)

вступать в шайку, в банду; состоять в шайке, в банде.

даамкалаа=

даамкалаа= (Якутский → Русский)

проходить в дамки (в шашках).

көөбүллээ=

көөбүллээ= (Якутский → Русский)

превращать что-л. в опилки, в труху.

миннээ=

миннээ= (Якутский → Русский)

варить в супе, в бульоне (напр. мясо).