туохт. Өр аһаабакка улаханнык аччыктаа; аһыыр аһа суох буол, аһылыгынан быстар. ☉ Испытывать голод, хотеть есть; остаться без пищи, голодать
Хоһуун киһи хоргуйбат (өс хоһ.). Атыыр оҕус сымыытын түстэҕинэ сиэм диэн, сэттэ хонукка диэри кэтэһэн баран, хоргуйан өлбүт саһылга дылы (өс хоһ.). Лэглээриннэр билигин соччо хоргуйбаттар, иэдьэгэй, кииһилэ астаахтар, куобаҕы, көтөрү бултууллар. Амма Аччыгыйа
Бу дьылларга дьон адьас хоргуйан быстыахтарын, улахан күөллэр куйуурданан, үрүҥ тыыннарын айылҕа өрүһүйдэ. Бэс Дьарааһын
ср. калм. харҕана, харҕаны ‘сильно голодать; быть бессильным от голода’