Якутские буквы:

Русский → Якутский

гостиная

сущ
гостинай, ыалдьыт хоһо

гостиная

ж. гостинай, ыалдьыт хоһо.


Еще переводы:

көстүүнэй

көстүүнэй (Якутский → Якутский)

аат.
1. Былыр хас эмэ эргиэн лааппылара түмүллүбүт улахан дьиэлэрэ. Гостиный двор
Куорат хаба ортотугар биир таас дьиэ — «Таас көстүүнэй» — түөрт муннуктуу түһэн киэптээн турара. Бу куорат саамай сэргэх, кэлиилээх-барыылаах, атыылаахтутуулаах сиринэн буолара. П. Филиппов
Кини күүлэйдиир сирэ — Көрдөөх үтүө көстүүнэй, Дьон мустан майдаанныыр Дьокуускай дьоллоох түүнэ. И. Чаҕылҕан
2. Ыалдьыттары түһэрэр киэҥ, сиэдэрэй хос. Гостиная
Саҥа сырдык көстүүнэйгэ Абыраллаах өрөбүлгэ Холкуос кылаабынай буҕаалтыра Күндү ыалдьыт кэриэтэ Кэллэ наллаан кэпсэтэ. ИКДь
Киирэри кытта илин диэки икки түннүктээх саамай улахан көстүүнэй хос. «ХС»
Хайа, бу көстүүнэйгэ, үчүгэй көстүүлээх истиэҥкэ наада. «ХС»
3. кэпс. Кэлии дьон түһэн хонор анал дьиэлэрэ, гостиница. Гостиница
«Көстүүнэй, көстүүнэй...» — дии-дии, оҕонньор, биир такси аһаҕас түннүгүнэн өҥөйөн туран, иннин диэки сапсыйда. В. Ойуурускай

двор

двор (Русский → Якутский)

I м. 1. тиэргэн, тэлгэһэ, дьиэ таһа; колхозный двор колхоз тиэргэнэ; 2. (кресть- янское хозяйство) ыал; в колхозе сто дворов колхозка сүүс ыал; # на дворе таһырдьа; скотный двор тэлгэһэ, сүөһү дала; птичий двор көтөр дьиэтэ; монетный двор монетнай двор (манньыат оҥорор дьиэ); гостиный двор көстүүнэй (эргиэн лааппылара); прийтись не ко двору табыллыма, табыгаһа суох буол; ни кола ни двора турар бэйэтэ киһи, дьиэтэ--уота, баайа суох киһи.