аат., эргэр.
1. Дүлүҥү хаһан оҥорбут хоруоп. ☉ Долбленый гроб. Былыргы сахалар өлбүт киһини куорчахха уган көмөллөрө
2. Ииҥҥэ хоруоп угуллар халыҥ хаптаһынтан оҥоһуллубут хос мас, тас мас, тэбиэх. ☉ Защитный сруб для гроба из плах.
3. Ойууну эбэтэр удаҕаны дүлүҥ хоруопка уган араҥастааһын. ☉ Гробница, деревянная колода, в которую кладут тело шамана или шаманки, а затем ставят ее на высоких столбах или привешивают на дерево. Ойуур куорчаҕа
ср. монг. хаҕурчах ‘гроб’, др.-тюрк. хабырчах ‘ящик, сундук’