аат. Хара дьүһүннээх дааҕырҕаан саҥарар суордуҥу көтөр. ☉ Ворона
«Даах-дуух», — диэтэ тураах барахсан. П. Ойуунускай
Уйа туттар тураахтар, «Даах-дуух» бөҕө буолбуттар. П. Тобуруокап
Тыа саҕатыгар саҥа кэлбит тураахтар …… хааҕырҕаһан эрэллэр. Бэс Дьарааһын
♦ Ардахтаабыт тураах курдук көр ардахтаа
Уол туохтан эрэ хомойон, ардахтаабыт тураах курдук буолбут. Тураах (кымырдаҕас, тигээйи) уйатын тоҕо тарт көр тарт. Дьэ, доҕоор, тураах уйатын тоҕо тартым, уокка буораҕы дьэ кутан күүдэпчилэттим [бу хаһыыбынан]. Н. Заболоцкай
Тураах уйатын тоҕо тарпыттыы, эмискэ аймалҕан бөҕө өрө оргуйа түстэ. Ф. Софронов
◊ Ала тураах көр ала I
Ала тураах Саха сиригэр дэҥ кэриэтэ көстөр. Өрт турааҕа көр өрт. Өрт тураахтара саас кэлбитин бэлиэтинэн буолаллар. ББЕ З
Хатыҥнарга өрт тураахтара дайҕарахтык көтөн даллаҥнаһаллар. И. Тургенев (тылб.)
Тураах атаҕа — тураах тарбаҕа диэн курдук. Аҕыйах тураах атаҕа, баҕа батаһа үүнэн тураллар. И. Сосин
Тураах атаҕа отунан тэлгэнэ үүммүт тиэргэннэргэ сылгы чыычаахтара да кэлбэт буолбуттара. Айталын
Тураах быта көр быт. Быйыл саас хаар үрдүгэр тураах быта элбэҕэ бэрт. И. Гоголев. Тураах отоно бот. — ойуурга үүнэр, уулаах отоҥҥо маарынныыр, бөдөҥ сэбирдэхтээх уктаах, бустаҕына дьэҥкир кыһыл өҥнөнөр сиэммэт отон. ☉ Арктоус красноплодный. [Тураах отонун] күөх лабаалара эмкэ туттуллаллар. МАА ССҮү. Тураах сугуна түөлбэ. — талахха үүнэр, күөх өҥнөөх, аһыы хабархай амтаннаах уһун ньолбоҕор, бөдөҥ, сиэнэр отон. ☉ Жимолость
Сэппэрээктэртэн орешник, тураах сугуна о. д. а. үүнэллэр. КВА Б. Тураах тарбаҕа бот. — сарбайбыт тарбахтарга маарынныыр сарбынньахтардаах сэбирдэхтээх, биэс эминньэхтээх кыһыллыҥы күөх сибэккилээх, түүлээх умнастаах, хонууга, толооҥҥо үүнэр от. ☉ Герань луговая
М.Н. Караваев дааннайдарынан, Саха сиригэр тураах тарбаҕын аҕыс көрүҥэ үүнэр. МАА ССЭҮү
Элбэх сыллаах отторго дьэдьэн, ньээм, бохсурҕан, тураах тарбаҕа …… киирсэллэр. КВА Б. Тураах хараҕа бот. — күөхтүҥү өлбөөркөй өҥнөөх бытархай отонноох, хараҥа сиргэ сөбүлээн үүнэр, элбэх сыллаах сүлүһүннээх үүнээйи. ☉ Вороний глаз. Тураах хараҕын отонун норуот эмчиттэрэ тутталлар
ср. бур. турлааг, эвенк. тураакии