туохт. Тугу эмэ туохха эмэ эп-сап, холбоо. ☉ Прибавлять, добавлять что-л. к чему-л.
Бүттүүйэп аны билигин Иннокентий Петровиһы була сатыыр. Буоларыбуолбаты холбоон-илбээн араас үҥсүүлэринэн, анонимкаларынан оройуон, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин симэ сытар. М. Ефимов
Хоһоонугар холбоон-илбээн, Хомуруйда, хотто диэҥҥин, Хомнуу саныыр буолума: Хопко-сипкэ өстөөхпүн. Күннүк Уурастыырап
Архыыбым докумуоннарыттан эҥин холбоон-илбээн өссө элбэҕи ахтыам эбитэ буолуо да, аны туран сүрүн кэпсээммититтэн туораан, халыйан хаалыах курдукпут. В. Гаврильева