Якутские буквы:

Якутский → Якутский

догдой

дьүһ. туохт. Кылгас, догдоҕор буолан көһүн (үксүн таҥас туһунан). Быть, казаться коротким, кургузым (обычно об одежде)
Догдойо тоҥмут синиэллэрэ хас хамсаныыларын кыаһылыырын күүстээх мөхсүү эрэ ириэрэр. А. Данилов
Ньыламан маҥан куоптата туох эрэ, тордоххо дылы догдойо, тэйэ сылдьар. «ХС»

Якутский → Русский

догдой=

образн. быть, казаться коротким, кургузым (обычно об одежде).


Еще переводы:

догдоҥноо=

догдоҥноо= (Якутский → Русский)

разд.-кратн. от догдой=.

догдос гын

догдос гын (Якутский → Якутский)

догдой диэнтэн көстө түһүү. Көр, бу ырыа чыычаах кэлэн, талах үрдүгэр догдос гына олоро түстэ. Н. Заболоцкай

догдоҥноо

догдоҥноо (Якутский → Якутский)

догдой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Улахан баҕайы тэлэгириэйкэни кэппит уолчаан тиэргэҥҥэ тахсан догдоҥнуу сылдьар. «ХС»
Күһүҥҥү дэлби уойбут тураахтар …… бааһыналарга хааман догдоҥнууллара. М. Горькай (тылб.)

догдоҕор

догдоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Догдойон көстөр, кэлин өттүнэн кылгас (хол., сон); оннук таҥастаах эбэтэр быһыылаах. Короткий, короткополый (напр., о пальто)
Сайын атах сыгынньах, кыһын ииччикинэн, саппыкынан, догдоҕор тэлигириэйкэнэн кыстааһын сиэрдээх быһыынан ааҕыллара. ЧКС ЫаЫЫ

үндээр

үндээр (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Үрдүк сиргэ (тумулга, сыыр үрдүгэр) үүммүт (тыа туһунан этэргэ). Выросший на высоком месте (о лесе)
Үрдүк үндээр тыалартан Үөтэр өтөн кыыллыырым Үстүүрүгэ ый буолан Өһүргэнэн догдойдо. Саха нар. ыр. I

логлой

логлой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Булгунньах курдук үрдээн, томтойон көһүн; модьу үрдүк, улахан көстүүлээх буол. Возвышаться холмообразно; выделяться своей довольно массивной фигурой
Эмээхсин нап-наҕыл. Чэй иһэн, сылыйан, Э р г ит эн, барытын ыйытан, Өр соҕус табахтыы оһоххо олордо, Хос диэки хааман, дьэ логлойдо. П. Тобуруокап
Катер, муҥхалаах хаарбаһы соһон, өрүс ортотун диэ ки логлойо уһунна. Н. Габышев
Мин тоҕо эрэ кэннибин хайыһан көрбүтүм, Чочур Мураан тугу эрэ дириҥи толкуйдаабыттык логлойон олороро. Н. Заболоцкай. Тэҥн. лөглөй
ср. монг. логлойх ‘быть толстеньким, пухленьким’, кирг. догдой ‘иметь вид коренастого крепыша’