Якутские буквы:

Якутский → Якутский

логлой

дьүһ. туохт. Булгунньах курдук үрдээн, томтойон көһүн; модьу үрдүк, улахан көстүүлээх буол. Возвышаться холмообразно; выделяться своей довольно массивной фигурой
Эмээхсин нап-наҕыл. Чэй иһэн, сылыйан, Э р г ит эн, барытын ыйытан, Өр соҕус табахтыы оһоххо олордо, Хос диэки хааман, дьэ логлойдо. П. Тобуруокап
Катер, муҥхалаах хаарбаһы соһон, өрүс ортотун диэ ки логлойо уһунна. Н. Габышев
Мин тоҕо эрэ кэннибин хайыһан көрбүтүм, Чочур Мураан тугу эрэ дириҥи толкуйдаабыттык логлойон олороро. Н. Заболоцкай. Тэҥн. лөглөй
ср. монг. логлойх ‘быть толстеньким, пухленьким’, кирг. догдой ‘иметь вид коренастого крепыша’

Якутский → Русский

логлой=

выделяться, возвышаться (круглым холмом, холмиком); кэбиһиилээх от логлойон турар возвышается стог сена; тас таҥаһын устубакка логлойон олорор он сидит в верхней одежде (и похож на круглый холмик).


Еще переводы:

логлос

логлос (Якутский → Русский)

логлос гын = однокр. от логлой = внезапно, вдруг отвалиться, оторваться (большим куском).

логлоһуй

логлоһуй (Якутский → Якутский)

логлой диэнтэн хамс
көстүү. Тоҕус салаа Локуорабыт Томтоһуйа Логлоһуйбут. А. Бродников

логлоҕор

логлоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Логлойон көстөр, үөһээттэн алларааҥҥа диэри тэҥ соҕус модьу үрдүк, улахан көстүүлээх. Возвышающийся холмообразно, с крутыми склонами. Логлоҕор булгунньах

логлордоо

логлордоо (Якутский → Якутский)

логлой д и э н т э н а р ы т. көстүү
Түгэх аантан бэрт үскэл хотун логлордоон тахсан кэллэ. Болот Боотур

аҥаарыҥнаа

аҥаарыҥнаа (Якутский → Якутский)

аҥаарый диэнтэн б
тэҥ көстүү. Логлойо оҕонньор икки кийиитиниин, Сиидэркин ойоҕунуун — эбирдээх сирэйдээх, аҕыйах саҥалаах аҥаарыҥнаабыт Натааһатыныын, Дайыыла уол, Балбаара — уонча киһи Амманы туораатылар. Амма Аччыгыйа
Анарааҥҥыта «ыы-аа» диэн дьааһыйталаан аҥаарыҥнаат, тэллэҕэр олоро түстэ. В. Миронов

логлос гын

логлос гын (Якутский → Якутский)

логлой диэнтэн көстө түһүү. Халлаан оройуттан кынат тыаһа куугунуур, онтон сотору Хо той кэлэн томтор хаар үрдүгэр логлос гына олоро түһэр. Суорун Омоллоон
[Толомон Ньургустай] Дьахтар иннигэр кэлэн, Тоһоҕос от быһаҕаһын саҕа буолан, Логлос гына түстэ. ТТИГ КХКК

логлос

логлос (Якутский → Якутский)

логлой диэнтэн холб. туһ. Өрүс эстэрэ сөҕүмэр
Сүүнэ улахан муустар устан логлоһоллор. И. Федосеев
Алыһардаахха саҥа кэбиһиилээх оттор ыраах-ыраах логлоһон тураллар. Н. Габышев
Маҥан таба саҕынньахтарын Намылыччы кэтэннэр, Логлоһон ахан турдахтарын Тоҥору билбэт тииттэр. И. Эртюков

логлоруй

логлоруй (Якутский → Якутский)

I
логлой диэнтэн хамс
көстүү. Ыраах кэбиһиилээх оттор логлоруйаллар.  Этиҥ былыта логлоруйан тахсан халлаан илин өттүн ыаһырда лүҥкүрдүбүт. П. Аввакумов
II
туохт. Кэлимсэттэн көһөҥөнөн ойун, араҕыс (хол., тоҥ буору, хайа тааһын этиллэр). Откалываться большими кусками (напр., о мёрзлой земле, глыбе камня от скалы). Сир кытаанахтык тоҥноҕуна, буора үчүгэйдик логлоруйар

логлоччу

логлоччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Логлойон көстөр буола; оннук гына. Возвышаясь своей довольно массивной фигурой (напр., сидеть — о человеке в толстой одежде); выпук ло, бугром (о чём-л.)
Тиэтэйэ-саарайа чэйдээн баран дурдатыгар киирэн логлоччу олорунан кэбистэ. «ХС»
Нуорка сонун логлоччу кэтэн …… улахан хаһаайыстыбаннай суумкалаах уобаластааҕы балыыһаҕа тиийдэ. М. Попов
Атаҕа бүлгүрүйэн, бэрбээкэйинэн логлоччу испит. С. Никифоров

лөглөй

лөглөй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Үөһэнэн ордук сонообут улахан көстүүлээх буол. Быть большим, пышным, возвышаться холмообразно
Бэтэрээ биэрэк сыырын үрдүгэр бөлөх бэс үүнэн лөглөйөн олорор. Н. Павлов
Өрө лөглөйөн тахс ыбыт куударалаах хап-хара баттахтаах. П. Филиппов
Күөл манчаарытын ыкса кытыытыгар мин урут харахтыы илик эбир түүлээх көтөрүм түһэн лөглөйөн олорор эбит. Н. Заболоцкай. Тэҥн. логлой
ср. монг. лүглийх ‘быть толстеньким, коренастым; быть солидным’, кирг. дөҥкөй ‘выступать округлой выпуклостью’