дьабахтаа диэнтэн бэй
туһ. Ытаабыт сирэйин илиитин көхсүнэн дьабахтанна. Дьагдьайан тоҥон да туран Дьаамсыктыыбын-бостолойуоннуубун, Дьабахтаммыт, кырааскаламмыт Дьалбаа кыргыттардааҕар Дьыалабыайбынан ордукпун. Р. Баҕатаайыскай. [Тоня:] Хайа, манан бүттүҥ дуо? Өссө оҥосто түспэккин дуо? [Даша:] Эмиэ туохпунуй? Билиҥҥэттэн дьабахтаныам дуо? М. ОбутоваЭверстова
Якутский → Якутский
дьабахтан
дьабах
аат., кэпс.
1. Туох эмэ тугунан эмэ (сыалааҕынан-арыылааҕынан, инчэҕэйинэн) дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. ☉ Что-л. заляпанное чем-л. жирным, липким
Бүтүннүү дьабах курдук оҕунуох, бэнсиин сыттаах. Сирэйэ буор, хараҕа эрэ чаҕылыйар. С. Ефремов
Эр киһилиин, дьахтардыын дьабах, бадараан буолан, түүн үөһэ дьиэбитин син буллубут. «ХС»
Чэрэниилэтэ суолга дьалкыйбытын ыраастанар бокуой булбатах быһыылаах, илиилэрэ хара дьабах буолбуттар. С. Курилов (тылб.)
2. Туох эмэ (уруһуй, сурук) туга да биллибэт буола дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. ☉ Неумело, грязно выполненная работа (письмо, рисунок), мазня, пачкотня
Бу уруһуй үһү дуо, дьабах буолбат дуо? Докумуон аллараа өттө туга да биллибэт дьабах буолбут этэ. Далан
Якутский → Русский
дьабах
разг. мазня; бу уруһуй буолбатах , таах дьабах это не рисунок, а просто мазня.
дьабахтан=
возвр.-страд. от дьабахтаа =.
Еще переводы: