Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьалысханнаах

даҕ. Олус түргэн, дохсун, үлүскэн. Стремительный, бурный, неудержимый
Миинэр миҥэм Олоро түһэрбин кытары Таҥнары дьааһыйара Дьалысханнаах буолар эбит. Саха фольк. Аҕыйах сааһыгар бу күн аннын дьалысханнаах дьаллыктарын иҥэриммэхтээбит оҕо! Амма Аччыгыйа
Борокуот үлүскэннээх сүүрүгү иннин диэки өрүкүтэ үтүрүйэн, дьалысханнаах бааллары кэннин диэки дэбилитэ хаһыйан, тус соҕуруу дьулуруйан истэ. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

дьалысхан

дьалысхан (Якутский → Якутский)

көр дьалысханнаах
Айана дьалысхана алыһын, Сырыыта сындыыстыы сытыытын! А. Софронов
Пуойас дьалысхан айанын улам мөлтөтөн, оргууй мөлбөрүйэн иһэн аалыктаан-аалыктаан тохтоон кэбистэ. Эрилик Эристиин

дьулуруйуу

дьулуруйуу (Якутский → Якутский)

дьулуруй диэнтэн хай. аата. Көлүнэр көлөм, Миинэр миҥэм Үлүгэрдээх үрдүк мындаатыгар Олоро түһэрбин кытары - Таҥнары дьааһыйара Дьалысханнаах буолар эбит, Умса дьулуруйуута Олус да буолар эбит. Саха фольк.