дьиксин диэнтэн дьаһ
туһ. Киһини дьиксиннэриэх айылаах кыһыллар сэриилэрэ даҕаны чугаһынан суохха дылыта. Софр. Данилов
Маныаха эбии дьону барытын дьиксиннэрэр биир суолу сэрэнэн быктараллар - ороһуолбут бассейн саамай түөллэр түгэх, киһи көрбөт холлороонунан «уоран» үрэххэ күрүү сытара буолаарай диэн. И. Никифоров
Маҥнайгы, ахсыс, тохсус нүөмэрдээх таба иитэр биригээдэлэргэ хаачыстыбаннай көрдөрүү намыһаҕа биһигини дьиксиннэрэр. ПДИ КК
Якутский → Якутский
дьиксиннэр
дьиксин
туохт. Туох эмэ куһаҕан буолуоҕун бүтэйдии таайан сэрэхэдий, куттана-дьаархана санаа. ☉ Побаиваться, остерегаться, опасаться чего-л. неприятного, дурного
Аны баар-суох оҕобун мүччү тутуом диэн хайдах эрэ олус куттанар, аны киниэхэ туох эрэ алдьархай суоһуурунуу дьиксинэр буоллум. Софр. Данилов
Хаһыакка тахсыбыт фельетон хайаан даҕаны бэрэбиэркэлэниэхтээҕин билэрэ, хаһан эрэ кэлэллэр диэн иһигэр улаханнык дьиксинэрэ. М. Попов
Тойон Киһи ол-бу иччиттэн, абааһыттан дьиксинэр. И. Гоголев
п.-монг. дьигси
Якутский → Русский
дьиксин=
опасаться, бояться кого-чего-л. (в душе); находиться в состоянии настороженности; дьикти тыастан дьиксиннэ при подозрительном звуке он насторожился; кыайыа суоҕа диэн дьиксинэллэр они опасаются, что он не справится.
дьиксиннэр=
побуд. от дьиксин = настораживать; ити миигин дьиксиннэрэр это меня настораживает.
Еще переводы: