Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьиэрэт

дьиэрэй диэнтэн дьаһ
туһ. Саха дьиэрэтэн ыллыыр ырыата хуорга табыллыбатын иннигэр саха киһи өйүгэр түһэр уус тылларынан бэйэтин бар дьоҥҥо хайҕатар. Эрилик Эристиин
Окко киириэх иннинэ, От-мас күөҕэ ситиитэ Улуу ыһыах тэрийэн, эппэлдьитэ дьиэрэтэ Эһиэхэйдиэх баар этэ! М. Тимофеев

Якутский → Русский

дьиэрэт=

побуд. от дьиэрэй =; ырыаны дьиэрэт = затянуть звонкую песню.


Еще переводы:

залиться

залиться (Русский → Якутский)

II сов.: залиться смехом иэрийэ күл; залиться песней ыллаан дьиэрэт.

битит

битит (Якутский → Якутский)

битий диэнтэн дьаһ
туһ. Доҕоойко кинээс, тураҕас дьоруо атын миинэн, өрө бититэн, тиийэн кэллэ. «ХС»
Үҥкүү тэбэн бититэ, ырыа ыллаан дьиэрэтэ, Өймөкөөҥҥө кыргыттар — Өрүү көрдөөх туллуктар. И. Федосеев

дуорат

дуорат (Якутский → Якутский)

дуорай диэнтэн дьаһ
туһ. Ой дуораана - ойуур оҕото - Ол ырыаны ыраах дуоратан Үүт-үкчү үтүктэн дьиэрэттэ. Болот Боотур
[Ыһыахха] олбу-солбу, утуу-субуу Тойук туойан дуораталлар. Эллэй

дьэргэҥнэт

дьэргэҥнэт (Якутский → Якутский)

дьэргэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Курулас ардах …… Дьэҥкир сабынан сири тигэн Дьэргэҥнэтэн олордо. С. Тимофеев
Бүлүүлэр оһуохайы кылыһахтаан дьиэрэтэн этэр идэлээхтэр, оттон таатталар дьэргэҥнэтэн этэллэрин сөбүлүүллэр. «ХС»

курууктуу

курууктуу (Якутский → Якутский)

сыһ. Куруук эбэтэр ии курдук; эргийэ, эргиччи. Как круг, подобно кругу; кругом
Эйэнэн хаамыылаан Илииттэн сиэттиһиэх! Курууктуу тулалаан Ырыаны дьиэрэтиэх! С. Васильев

тиэрдис

тиэрдис (Якутский → Якутский)

тиэрт диэнтэн холб. туһ. Дьиэрэтэ ыллыа ол ыраахтан Дьиэрэҥкэй тэппит тиэргэниҥ барахсан: «Тирэх буолбуппун, оҕокком, умнума… Тиэрдистим итиннэ… ыллыккын умнума». С. Тарасов

дьэрэдьи

дьэрэдьи (Якутский → Якутский)

аат. Эбэҥкилэр оһуохайга майгынныыр илии илииттэн ылсан баран иилии эргийэ сылдьан үҥкүүлүүр үҥкүүлэрэ; күргүөмүнэн хатыланар үҥкүү тыла. Эвенкийский хороводный танец; запев такого танца
Бастаан Бүлүүлүү оһуохайы дьиэрэттилэр, онтон эбэҥкилии «дьэрэдьини» тардан кэбистилэр. «ХС»
эвенк. дэродэ

кынатыр

кынатыр (Якутский → Якутский)

көр кынаттан
Көнө сыһыантан кынатырбыт Ыларов, чаас устата балыыһа кэлэктиибин кытта туохтан тапсыбат аатырбытын бүүсбүтүннүүтүн, ыраас мууска ууран биэрдэ. Р. Баҕатаайыскай
Ырыа ыллаан дьиэрэтэн Ыпсарбахтыыр тэҥинэн, Кылыбырай кыраабыл Кынатыран кыырайдын! «ХС»

ыллыырдыы

ыллыырдыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Ыллаан эрэр курдук, унаарытан (саҥар). Протяжно, напевно (говорить)
Ким эрэ ыллыырдыы дьиэрэтэн Кэрэгэй кэпсээнин киэргэтэр. С. Данилов
Хотугу дьону саҥаралларыттан эндэппэккэ билэҕин, кинилэр этиилэрин хайдах эрэ унаарытан, ыллыырдыы тардан бүтэрэллэр. «ХС»

күрэхтэс

күрэхтэс (Якутский → Якутский)

көр күрэстэс
Быйыл сайын Саха сирин, Дьокуускайы, …… түһүлгэ буолуон сөптөөх дойду диэннэр, сүүс отучча бөҕөс талыллан кэлэн манна күрэхтэһэн, күүс, эрчим бырааһынньыгын оҥорон аастылар. Суорун Омоллоон
Эдэрдэр күүстэрин холоноллор, атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, ат сүүрдэллэр. И. Данилов
Георгий доҕотторунуун мустан эдэр саас ырыаларын дьиэрэтэллэрэ, илии-атах оонньууларыгар күрэхтэһэллэрэ. ССС