туохт. Ханна эмэ, кимиэхэ эмэ дьэҥдьиирдэ оҥор, тугу эмэ көрдөө. ☉ Произвести обыск где-л., у кого-л., обыскивать
Кыраныыссаҕа наада буоллаҕына, пограничниктар ким баҕарар дьиэтин дьэҥдьийэр бырааптаахтар. Н. Якутскай
[Харачааһы] онтон сиэбин, хоонньун хастылар, таҥаһын бүтэйдии кум-хам тутан дьэҥдьийэн хачыгыраттылар. П. Филиппов
Дайыыла өлүктэри дьэҥдьийэн, туох эрэ кумааҕыларын булаттаата. Д. Таас.
△ Кичэйэн көрдөө, ирдээ. ☉ Тщательно искать, обыскивать
Ити бэйэлээх элбэх үрүйэлэри, сээннэри, таас үрэхтэр түһүүлэрин сууйдулар, дьэҥдьийдилэр да, барыта кураанах. И. Бочкарев. Сиэптэрин барытын дьэҥдьийэн Испиискэ уматан табахтыыр. С. Васильев
монг. дэгдьи
Якутский → Якутский
дьэҥдьий
Якутский → Русский
дьэҥдьий=
см. дьэгдьий = II.
Еще переводы: