Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьүүкээ

тощий, отощавший; больной (о скоте).

Якутский → Якутский

дьүүкээ

даҕ. Ырыган, дьүдьэх (аһылыга тиийбэтиттэн эбэтэр ыалдьан). Тощий, отощавший (от недоедания или болезни)
Түүн аттыгар Сырсаллар, Көтөх, дьүүкээ, күтэрдэр, Арыт халыҥ Орбуус хаҕын Былдьаһаннар киирсэллэр. И. Гоголев
Саамай дьүүкээ, куһаҕан, Саамай ыарыһах, ырыган Олортон арай мин этим. П. Тобуруокап
Дьүүкээ ынах этин киһи сиэбэт. СГФ СКТ


Еще переводы:

заморыш

заморыш (Русский → Якутский)

м. разг. дьүүкээ, дьооку.

дохлый

дохлый (Русский → Якутский)

прил. 1. (о животном) көнньүнэн өлбүт, охтон өлбүт; 2. перен. прост, (хилый) охтоору сылдьар, дьүүкээ.

дьүүкү

дьүүкү (Якутский → Якутский)

көр дьүүкээ. Сыҥааҕырдаан айгыстар Сыылба, дьүүкү дьоннордуу: «Уубун хана муҥ саатар утуйдаҕым баҕас дуу?» Ф. Софронов

куураҕас

куураҕас (Якутский → Якутский)

даҕ. Ииммит-хаппыт, ырбыт-дьүдьэйбит. Похудевший, побледневший, осунувшийся
Куураҕас көрүҥнээх киһи. — Дьиэ кэргэнэ бүтүннүү аччык сылдьан ыарахан үлэҕэ миккиллибиттэриттэн дьүүкээ, ыарыһах «куураҕас хааннаах», «уҥуох-иҥиэх тахсыбыт» дьон. Күндэ

буомур

буомур (Якутский → Якутский)

туохт. Аанньа аһаабакка эбэтэр көрүллүбэккэ-хараллыбакка быһа түс, дьүдьэй, дьүүкээр, хат-куур. Хиреть, худеть, сохнуть (от недоедания, плохого ухода — о ребенке, молодняке скота и т. п.)
[Оҕолорум сордоохтор] Эриллэ хаппыт илиилэнэн, Хатылла хаппыт атахтанан, Ис иччитэ бэйэлэнэн, Муҥу көрөн, буору сөҕөн, Бобулла буомуран хаалыах Сорукайдарын даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
Хамначчыт хара дьадах олоҕор хам ыллара сылдьар оҕобут буомура-буомура өрүһүнэн, син улаатан, сайыҥҥы нарын сибэкки курдук, ситэн-хотон испитэ. М. Доҕордуурап