Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьөөдьөй

дьүһ. туохт. Кыаммат буолан арыычча хаамп, тур (кыра уҥуохтаах бөгдөччү соҕус туттубут киһи, сүөһү туһунан). Быть немощным, слабым (о слегка сгорбившемся человеке, небольшом животном). Оҕонньор саҥата суох дьиэтин диэки дьөөдьөйдө. Борооску дьөөдьөйөн туран арыычча кэбинэр
Арыычча тур (эргэрбит тутуу, хаарбах тэрил туһунан). Еле держаться (о старой постройке, мебели). Халдьаайы үрдүгэр эргэ өтөх дьөөдьөйөн турар. Тэҥн. дьаадьай, дьоодьой


Еще переводы:

дьөөдьөрүй

дьөөдьөрүй (Якутский → Якутский)

дьөөдьөй диэнтэн хамс. көстүү. Оҕонньор киһи тиэтэйэсаарайа дьиэтин диэки дьөөдьөрүйдэ

дьөөдьөс

дьөөдьөс (Якутский → Якутский)

дьөөдьөй диэнтэн холб. туһ. Саамай тиһэх эмиэ сыарҕалаах оҕустаахтар дьөөдьөһөн бараллар. П. Аввакумов

дьөөдьөҥнөө

дьөөдьөҥнөө (Якутский → Якутский)

дьөөдьөй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Болугур оҕонньор саҥата суох Настя ыйбыт сирин көрө дьөөдьөҥнүүр. Н. Якутскай
Мыычаан оҕонньор отуубутугар дьөөдьөҥнөөн таҕыста, уот оттон күөдүпчүлээтэ. «ХС»

дьоодьой

дьоодьой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Аҥаар өттүн диэки иҥнэй, ханньары бар. Завалиться в сторону, покоситься, скособочиться
Ыстапааннарын мунна, сэҥийэтэ дьоодьойон хаалбыт курдуга, эргиллэн, Алдан сүүрүгүн одуулуура. Дабыыт сото кэбиһэн дьоодьойдо. П. Аввакумов
Соҕотох биир кыра түннүгүн анныгар быыкайкаан, дьоодьойо сытыйбыт остуоллаах. «ХС»
2. Токуччу соҕус туттан, кыараҕас хардыынан икки өттүгүнэн иэҕэҥнээн-хаадьаҥнаан хаамп. Идти нешироким шагом, переваливаясь то в одну, то в другую сторону
Мин тоҕо эрэ интэринээтим диэки дьоодьойо туруохпун санаталаатым. «ХС»
3. көсп. Улахан айдаана суох, аргыый аҕай барыахтаах сиргэр эрдэтинэ бара тур. Без всякого шума, тихо или заранее уйти, исчезнуть. Тэҥн. дьаадьай, дьөөдьөй

дьаадьый

дьаадьый (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Дьалты буолан, туора хааман биэр, бар (кимтэн-туохтан эмэ күрэнэрдии). Незаметно уходить, отходить в сторону, убираться прочь (убегая от кого-чего-л.)
Дьэ, хотуой, мантан быыс булан дьаадьыйдаххына эрэ табыллар буолла. Уорбалаан эрэллэр. П. Филиппов
Бу киһини кытта өссө салгыы кэпсэтэр туһата суоҕун билэн, дьаадьыйа хаамтым. В. Ойуурускай
Кини [үөрэнээччи] ыарырҕатар уруогун үөрэтиэ суоҕа, туох салла саныырыттан дьаадьыйан биэрэ сылдьыа. ЧКС ОИиСТ
2. көсп. Туохтан эмэ туора тутун, кыттыһыма. Держаться в стороне от кого-чего-л., избегать, сторониться когочего-л.
Ыччат холкуостан дьаадьыйарыгар оскуола ордук буруйдаах дии саныыбын. Софр. Данилов
[Чокуурап:] Солко [киһи аата] эн дьаһалгынан эмиэ үлэттэн дьаадьыйа сылдьар. С. Ефремов
Маннык быһыыга-майгыга Софронов хаһыат үлэтиттэн дьаадьыйан биэрдэҕинэ сатаныах курдук буолбута. «ХС»
ср. монг. дьайирла 'уклоняться'
та суох кураанах дьаадьайан туран хаалар. «Кыым»
Түннүк таһыгар муннукка боробулуоха үүдэһиннээх собуссоҕотох олоппос дьаадьайан турара. «ХС». Тэҥн. дьоодьой, дьөөдьөй