Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дэбдэтин

дэбдэт диэнтэн бэй
туһ. [Уулаах Уйбаан] бэйэтин дэбдэтинэ таарыйа ойоҕор Кыпчыһах кыыһа Ааныкаҕа сэһэргиирэ. Эрилик Эристиин
«Биһиги диэн өрүөллэр буоллахпыт!» - дэһэн дэбдэтинэ соҕус саҥара-иҥэрэ истилэр. «ХС»
Масчыттар ортолоругар биһигини илэ-бодо сэниир, бэйэлэрин дэбдэтинэр дьоннор бааллар. «ХС»


Еще переводы:

киһиргэстиҥи

киһиргэстиҥи (Якутский → Якутский)

даҕ. Киһиргэс соҕус. Проявляющий склонность к хвастовству
Миитэрэй быраата уон тоҕус саастаах Уйбаан, мэник-тэник, киһиргэстиҥи киэптээх ньоройбут сирэйдээх …… уолчаан, эмиэ үөрэнэ сылдьар. Н. Түгүнүүрэп
Бөтүрүүскэ саллаат …… бэйэтин дэбдэтинэ кэпсиир киһиргэстиҥи майгыннаах. П. Аввакумов

билээҕимсий

билээҕимсий (Якутский → Якутский)

туохт., сэмэ. Тугу барытын билэр курдук тутун, билэр курдук саҥар-иҥэр. Выдавать себя за знатока, считать себя знатоком чего-л. [Еремей] арыт, өйдөөҕүмсүйэн, хоһууннук билээҕимсийэн, бэйэтин өйүнэн-санаатынан эрдэн бардаҕына, алҕаһыыр, бутуйар. Н. Габышев
«Үөдэн олус билээҕимсийэн, киһиттэн төһө эрэ ордук ойуун буолан», — диэтэ, ону истэн, кырдьаҕастар бары эдэр ойууну сэмэлээтилэр. Эрилик Эристиин
Кини эриэккэһэ диэн онтукатынан бэйэтин үөрэҕин дэбдэтинэ, сорох үрдүнэн эрэ билээҕимсийэ, үөрэхтээҕин көрдөрө сатыыр дьон курдук, араас дьон хаһан эрэ эппит тылларын аҕала сатыы, олбу хоһооннору өйүттэн суккуйа оонньуу сылдьыбат. Н. Заболоцкай

буоллар

буоллар (Якутский → Якутский)

туохт. ситим т.
1. Болдьох салаа этиилэри холбуурга туттуллар. Употребляется для присоединения придаточных условия
Онно ячейка, хомсомуол, хамначчыт суута баара буоллар, дьадаҥыны-хамначчыты ити курдук атаҕастыа суох этилэр. П. Ойуунускай
Бу табалартан биири эмэ өлөрөрө буоллар, быйыл туох да буолбакка сыл тахсыа эбиттэр. Эрилик Эристиин
Бэрэссэдээтэл соруйбатаҕа буоллар, кэлиэ суох этим. Л. Попов
Дэлэҕэ да, турарым буоллар, халлааҥҥа тиийиэм этэ диэн, суол обургу бэйэтин дэбдэтиниэ дуо? Н. Заболоцкай
2. көр буоллаҕына
3
Аркадий Яковлевич тымныы бириэмэҕэ үлэлэппэтэҕэ. Хамнаһы буоллар төлүү олорбута. А. Сыромятникова
Ити Ирина сөпкө этэр. Эн буоллар барытын тиэрэ эрдэн иһэҕин. А. Сыромятникова
Биһиги Хотуммут буоллар билбэккэ олорбут. «ХС»
3. көр буоллаҕына
2
Олус сордоомо. Оттон санааҥ буоллар мин аспынааҕар кылгас эбит. М. Доҕордуурап
Аҕабыт буоллар улахан кутурҕаҥҥа ылларбытын саҥарбат, бэрт кыраҕа да хадьардаһан барар буолла. А. Сыромятникова
Эн буоллар быыкайкаан, адьас тииҥ эрэ саҕачча этиҥ. Н. Тарабукин (тылб.)
4. көр буоллаҕына
5
Кини урукку өттүгэр биһиги холкуоспутугар саҥа олох туругурарыгар төһө да үтүөлээх буоллар, билигин алҕаһа, итэҕэһэ элбэх буолуо. С. Ефремов
Ыстааптан биһиги эккирэтэрбитигэр бирикээс суох да буоллар, биһиги эккирэтиэх. Эрилик Эристиин
Улуу тойон да буоллар, Уйатыгар уу киирдэ, Ыраахтааҕы да буоллар Ыксыырыгар дьэ тиийдэ. Эллэй

диэтэх

диэтэх (Якутский → Якутский)

туохт. эб. Этиллэр предмети үрдэтэн, дэбдэтэн сыһыаннаһыыны көрдөрөр (үгүстүк солб. аат кытта тут-лар). Служит для подчеркивания превосходства, возвышения предмета речи (употр. преим. с мест.)
[Ойуунускай] улам уоҕуран-күүһүрэн, уот курбуу тыллары дэхси-дэгэт түһэртээн, этэн-эпсэн киирэн барда эбээт, кини диэтэх уол оҕо барахсан. Амма Аччыгыйа
Харытыан Киппирийээнэбис бу уон үстээх уолуттан улуу-дьаалы бэйэтэ ааттаһардыы, көрдөһөрдүү туттара, кини диэтэх киһи Викторга өссө ньыла түһэ сылдьар курдуга. Л. Попов
Күтэр Кэбийэн кэбигирэттэ: Икки өттүнэн тибиирдэ - Манчаары от батаһы, Ол диэтэх сытыы кылыһы. С. Данилов
Сирэй солбуйар аат бастакы сирэйин кытта бэйэни дэбдэтинии, хайҕаныы, ардыгар, киһиргээһин дэгэттэнэр. Употребляется с личными местоимениями 1-го лица, имеет оттенок самовозвышения, самовосхваления, редко - бахвальства
Өстөөх Билигин киирбит Бэстилиэнэй күүһүн Биһиги диэтэх дьон, кэннибитинэн чугуйбакка Кэйгэллээн иһиэххэ, Толлон турбакка Тоһута охсон иһиэххэ! Саха фольк. [Ньургун Боотур:] Мин диэтэх киһи истэн баран сытыахпын сатаммат. Ньургун Боотур
Ардыгар бэйэлээх диэн эбиискэни кытта туттуллан суолтата ордук күүһүрэр. Употребляясь с частицей бэйэлээх, иногда приобретает оттенок усиления
Биһиги диэтэх бэйэлээхтэр, Билэр-көрөр муҥутааммыт, Орто туруу дойдуну Олоҕун булларбат буолуохпут дуо? П. Ойуунускай