Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дэбилий

туохт.
1. Өрө үтэн, үллэн таҕыс, бурулуй. Бурлить, бурно кипеть, клокотать, переполняться
Даҕанча араан үрдүгэр ыйанан оргуйан дэбилийэ турар эттээх күөһү таһааран дэпсэҕэ уурбута уонна икки салаалаах мас атаранан этин хоторбута. Далан
Биир саас Талба халаанын уута дэбилийэн тахсан, улуу күөлү бэйэтигэр сүгүннэрэн илдьэ барбыт. Амма Аччыгыйа. Ол аттынан Бүлүү эбэ хотун дэбилийэ устар. И. Данилов
Бу кэпсэтэ турдахтарына, күөстэрэ оргуйан дэбилийэн таҕыста. В. Миронов
2. Халлаан диэки өрө көтүт, төлө биэр. Извергаться, бить фонтаном, изрыгать
Булкаан өргөн төлөнүнэн үлтү дэбилий! Эллэй
Сирилии ол онтон, өрө тэбэн, Сир сүмэтэ - ньиэп дэбилийэр. В. Миронов
Сир хара буорунан, буруонан өрө дэбилийэрэ, сэрии хабыр дарбаана барыта биир күдьүс гына холбоспута. И. Федосеев
3. көсп. Үллэн тахса, дэлэйэ, элбии тур. Изобиловать, множиться, нарастать
Кырдьыга даҕаны, атын дьон туһаммыттарыттан көҕүрээбэт, хата дьэ ордук киэркэйэн, дэлэйэн дэбилийэн иһэр баай! Амма Аччыгыйа
Тураҕас биэбит Тунаҕа барҕардын, Улаан биэбит Уйгута дэбилийдин! С. Васильев
Дьэ бу манна [саас кэлиитин хоһуйууга] поэт өйүн-санаатын оонньооһуна дэбилийэ таһымныыр. КНЗ ТС
Халыҥ сандалы ханайар Хаһата, сыата тэлгэнэр. Үрүҥ илгэ дэбилийэр, Үүт-сүөгэй үрүлүйэр. «ХС»
4. көсп. Күөстүү оргуй, тэтимнээхтик сайда тур (киһи олоҕун туһунан). Бить ключом, бурлить; бурно расти
Олох тыала-силлиэтэ дэбилийэн тиийэн кэллэ. Амма Аччыгыйа
Куоракка саҥа олох күөстүү үллэн дэбилийдэ. Р. Кулаковскай
Дьэ оччоҕо норуот наадыйыыта толору хааччыллыаҕа, олох таһыма өссө күүскэ өрө дэбилийиэ. «ХС»

Якутский → Русский

дэбилий=

1) наполняться до краёв (жидкостью); 2) бурно кипеть, бурлить, клокотать; олгуйдаах уу оргуйан дэбилииэр в котле бурлит вода; халаан уута дэбилииэр бурлят-разливаются вешние воды.


Еще переводы:

аллартаа

аллартаа (Якутский → Якутский)

аллар диэнтэн төхт
көрүҥ. Өрүскэ өрө дэбилийэ олорор чардааттары аллартыахпыт. Эрилик Эристиин

дэбилийбэхтээ

дэбилийбэхтээ (Якутский → Якутский)

дэбилий диэнтэн төхт
көрүҥ. Оһох уота наһаа дэлэгэйдик дэбилийбэхтиир, оҕонньор уот буурҕа ортотугар киирбэхтээн ылыталыыр. Амма Аччыгыйа

дэбиллэҥнээ

дэбиллэҥнээ (Якутский → Якутский)

дэбилий диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Сороҕор, өрүс кытара, Дэбиллэҥнии будуллар, оччоҕо долгун абара, Очуос тааска охсуллар. И. Эртюков

клокотать

клокотать (Русский → Якутский)

несов. 1. (о жидкости; өрө оргуй, дэбилий; 2. (хрипеть) хардьыгынаа, харылаа; 3. перен. (напр. о чувствах) мөҕүс, өрө оргуй, өрө кыыйын.

ключ

ключ (Русский → Якутский)

II м. (родник) дьүүктэ; бить ключом 1) (бурлитьо жидкости) өрө тык, өрө ыс, дэбилий; 2) (бурно проявляться) өрө оргуй, өрө кыыйын.

дэбилис

дэбилис (Якутский → Якутский)

дэбилий диэнтэн холб. туһ. Кэтитин кэмэ биллибэт Кэмэ суох элбэх күөллэр дэбилиспиттэр. Саха нар. ыр. I
Таммахтар холбоһон муоралар үөскээн дэбилиһэллэр. А. Сыромятникова

дьалкылын

дьалкылын (Якутский → Якутский)

дьалкый диэнтэн атын
туһ. Дьэҥкир уу дьалкыллан, Дэриэспэ таастартан Дэбилийэ тэйдэ, Дьэрилийэ кэйдэ. Эллэй
Маайа ыаҕастаах ууларын быһар быһаҕастара тоҕо дьалкыллыахтарыгар дылы сиргэ лик гына [олорто]. Эрилик Эристиин

көбүргэс

көбүргэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Туох эрэ көбдөркөйү тэпсэр курдук бүтэй тыастаах. Хрусткий, хрустящий
Хаар көбүргэс, суол уунан дэбилийбит. А. Сыромятникова
Хатан хаалбыт көбүргэс сир нэлэһийэрэ. Г. Николаева (тылб.)

күрүлүй

күрүлүй (Якутский → Якутский)

туохт. Киэҥ сири тайаан халҕаһалыы ас. Идти валом, занимая большое пространство
Аммахайдыыр өрүһүм Дэбилийэр уутун Күрүлүйэр сүүрүгэ Хоту диэки Курулаччы түһэн барбыт. Нор. ырыаһ.

сандаарыт

сандаарыт (Якутский → Якутский)

сандаарый диэнтэн дьаһ
туһ. Уотун төлөнө, охтубут тиит устатын тухары дэбилийэ умайан, тыа саҕатын лаппа сандаарыппыт. Амма Аччыгыйа
Лөһүгүрэтэн дьэ бэрэбинэлэр. Барахсаттарынан дьиэ тутан сандаарыппыт киһи. М. Доҕордуурап