Якутские буквы:

Якутский → Английский

дэлэ

adv. very, exceptionally

Якутский → Якутский

дэлэ

  1. даҕ.
  2. Киһи маннык диэх курдук, сөбүгэр, сөбүгэр аҕай (сүнньүнэн итиниэхэ утары ис хоһоонноох этиилэргэ туттуллан «киһи сатаан эппэтин курдук», «олус» диэн өйдөбүллэнэр). Подходящий, достаточный, вполне сносный (обычно употр. в контексте отрицания, приобретая знач. «совершенно несносный, нетерпимый, такой, что даже трудно вообразить»)
    Сайын оҕус сыарҕатыгар тиэллэр таһаҕаһы тэлиэгэнэн тиэйэрэр эбитэ буоллар, дэлэ хотуулаах буолуо этэ дуо. Эрилик Эристиин
    Кырдьаҕас киһиэхэ дэлэ сымнаҕас, дэлэ үчүгэй тэллэх буолуо этэ дуо? Н. Заболоцкай
    Ылбатым, тоҕойуом, ылбатым. Дэлэ оҕуруктаах дьахтар буолбатах, тугу эрэ санаан сыҥалыы сатыыра буолуо дии санаатым. М. Попов
  3. Манан, бэтэрээнэн (наһаа буолбатах). Всякий, обыкновенный, простой
    Дэлэ киһи эккирэтэн кэлэн сүүйүүтүн ылан барбат кырдьаҕаһа! Амма Аччыгыйа
    Кыһыҥҥы бытархан тымныы. Сайынын хараам кумаара, ыаҕастаах уунан кутар ардах. Дьэ итини дэлэ киһи тулуйуо дуо? А. Кривошапкин (тылб.)
    2
    көр дэлэҕэ. Икки кыыс булгуччу кэлэр дьон, дэлэ үөрбэтэхтэрэ. Н. Габышев
    [Кутаа Хобороос:] Саатта, дэлэ буолбат этиҥ. Н. Түгүнүүрэп
    Хайа, тоҕойуум, ол былыр үйэҕэ арахпыт дьахтар эйиэхэ кэлэн бэрт, дэлэ муҥҥа. Э. Соколов

дэлэ дуо

сыһыан холб.
1. Этиллэр санааны бигэргэтэр хабааннаах эмоциональнай күүһүрдүүнү көрдөрөр. Служит для эмоционального усиления высказываемой мысли с оттенком утверждения (о как)
Аҕам мин туспар, соҕотох оҕом дии-дии, дэлэ муҥнаммыта буолуо дуо? А. Федоров. Кыыс чугуруҥнаан, кэннинэн хааман иһэн таҥаһын сабыта туппахтаата, саҥа таҥаһы таҥныан баҕарара дэлэ буолуо дуо? А. Сыромятникова
2. кэпс. Диалогка кэпсэтээччи этиитин кытта көтөҕүллэн сөбүлэһиини көрдөрөр. В диалоге выражает восторженное согласие с высказыванием говорящег о
Дэлэ дуо, үлэлээн бөҕө буоллаҕа дии - Эн табаарда ылан, ыалларынан сылдьыталаан тарҕат эрэ. - һэ, дьэ, дэлэ дуо. Күндэ
Баһылаай, эн дойдулуоххун баҕараҕын дуо? - диэн ыйытта [Байыаннай комиссар]. - Ээх дэлэ дуо, - диэн өрө көтө түстэ Баһылай. Н. Түгүнүүрэп


Еще переводы:

дэлэкээн

дэлэкээн (Якутский → Якутский)

дэлэ диэнтэн атаах.- аччат. Дьиэм иһигэр чэмэлкэй сырдыгы дэлби Куттахпына дэлэкээн буолар этээ! П. Тобуруокап
Москва курдук куораттан дуоһуйа кэпсэтэр саныахха да дэлэкээн үчүгэй буолуо дуо? В. Гольдеров

дьээбэлэн

дьээбэлэн (Якутский → Якутский)

дьээбэлээ диэнтэн бэй., атын
туһ. [Эһэ оҕолоро] дьээбэлэнэн ийэлэрин кулгааҕын эмэллэрэ. И. Федосеев
Ээ, чэ, көрүлээн эр. Былыр-былыргыттан ону-маны дьээбэлэнэн дэлэ сорбун көрдөрбөтүҥ. С. Ефремов

күндүкэтэ

күндүкэтэ (Якутский → Якутский)

күндү диэнтэн күүһ.-поэт
ф. Сүрэҕим Күөх унаар күндүкэтин Көрөҥҥүн үөрэҕин, Күн аннын эгэлгэтин Эрэйэн этэҕин. Эллэй
Ол төрөөбүт ыырбыттан өр да тэйбит эбиккин. О, Ийэ дойдум барахсан саныахпар күндүкэтин! С. Данилов
Көрсүһүү аата көрсүһүү — күндүкэтэ дэлэ дуо! С. Федотов

мааны-далбар

мааны-далбар (Якутский → Якутский)

даҕ. Үчүгэй, дэлэ й, к ыһ а лҕ ата суох (хол., олох). В ол ьготный, сытый (о жизни)
Чаҕыл Тор доохоп эдэр сааһа адьас атын кэмҥэ ааспыта. Кини ол сааһыгар билиҥҥи курдук мааны-далбар олоҕу билбэтэҕэ. С. Никифоров

сөрүөҥнэс

сөрүөҥнэс (Якутский → Якутский)

сөрүөҥнээ диэнтэн холб. туһ. Бухатыыр өлүгэр мустар кэриэтэ, …… Хаанымсах хотоҕойдоохтор элиэтииллэр, Сүлүһүннээх моҕойдор сөрүөҥнэһэллэр. ОЛ ПА
Маҕаһыыҥҥа арыгыны быктарымаҥ. Биһиги дэлэ да дьон буолбатахпыт, аны холуочуйан сөрүөҥнэһэ сылдьыахпыт. «ХС»

үөҕүн

үөҕүн (Якутский → Якутский)

үөх диэнтэн бэй
туһ. «Экий я ду-рак!» — диэн кини бэйэтин үөҕүнэ санаата. Амма Аччыгыйа
«Айыа-айа... Ол иһин дэлэ буолан турбатаҕым. Талкы тииһигэр эрбэхпин ибили баттаан кэбистим. Ама Кыаһайа сытыйбыт, сааттым ини!» — диэн бэйэтин үөҕүннэ. Эрилик Эристиин

эмэһэлик

эмэһэлик (Якутский → Якутский)

аат. Сыыр, халдьаайы соҕуруу эниэтигэр үүнэр, хабархай, сыстаҕас сүмэһиннээх, аһылыкка туттуллар от көрүҥэ. Особый род съедобной травы, растущей по южным склонам, выделяющей горький и липкий сок
Таналҕаннаах Тааттакайдыыр эбэкэйбитигэр Халдьаайы отторо, эмэһэликтэр, Дэлэ үүнэтэлииллэр эбит. А-ИМН ОЫЭБЫ

эмээхсиннэн

эмээхсиннэн (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Кэргэн ыл, ыал буол. Жениться, обзавестись семьёй. Ньукулай уола Бүөтүр эмээхсиннэммит үһү. Били Балбааралаахха дьиэлэнэн олорор күлүүк уол эмээхсиннэнэн да оттомурбута көстүбэт. Соҕотох олорор Сылгыһыт Сэмэн эмээхсиннэнэрэ буоллар, дэлэ абыраныа этэ дуо?!

кэтэбиллээх

кэтэбиллээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Кэтэһиннэриилээх, күүттэриилээх. Долгожданный
Күүстээх-уохтаах, Күүтүүлээх, кэтэбиллээх Күндү борокуот аал Күөнэ-маҥан күөнэ Күөрэс гынан көһүннэ. Саха нар. ыр. III
Бу айылаах дойду ото-маһа көҕөрөн, долгуйан кэлэрин көрөр дэлэ кэрэ, дэлэ кэтэбиллээх буолуо этэ дуо? Н. Заболоцкай
2. Харабыллаах, манабыллаах. Имеющий стражу, охрану, караул; тот, за которым ведется постоянный надзор, контроль, наблюдение
Утуйарым уочараттаах, Туттарым сокуоннаах, Кэпсэтэрим кэтэбиллээх, Барыта баһылыктаах. А. Софронов

дэлэкээннээх

дэлэкээннээх (Якутский → Якутский)

дэлэ диэнтэн күүһ
ф. Киирбэт күннээх, быстыбат сайыннаах Хоро дойду хоноһолоро билбиттэрэ-көрбүттэрэ дэлэкээннээх буолуо дуо? Н. Заболоцкай
[Ааныка:] Дэлэкээннээх үчүгэй буолуо этэ дуо, мин кыра сиэммин оҕолоон илиибин сымнатарым. Кырдьар сааспар кылам гынан көмөлөһүө, иитиэ-аһатыа диэммин дэлэкээннээх эрэйдэммэтэҕим. М. Попов